Страница 2 из 2
ЛАЗАРЕВ ИВАН МИХАЙЛОВИЧ (1908-?)
1908 сыллаахха төрөөбүт. Аҕата Чынай Мэхээлэ сүрдээх күүстээх уонна кытыгырас киһи эбит. Кэргэнэ Күөттүк Бурнашевтар кыыстара. Олорбут сирдэрэ Дириҥ алаас илин баһа. Кинилэр икки кыыс, үс уол оҕолоохторо.
Улахан уол Иван Михайлович армияҕа 1942 сыл от ыйын 12 күнүгэр Чурапчы оройуонун байыаннай комиссариатынан ыҥырыллан барбыт. Сэрии толоонугар охтубут. Көмүллүбүт сирэ биллибэт.
Төрөппүт уолаттара Василий Иванович, Михаил Иванович Лазаревтар Уус-Күөлүгэр олороллор. Кэргэннээхтэр, оҕолоохтор, элбэх сиэннээхтэр.
