Страница 2 из 2
ОКОНЕШНИКОВ НИКОЛАЙ ПАВЛОВИЧ (1890-1943)
1890 сыллаахха төрөөбүт. Олорбут алааһа Дьакыалдьын, «Кыһыл хардыы» колхоз чилиэнэ. Колхозка хонуу биригэдьииринэн, атын да үлэлэргэ үлэлээбит. Сүрэхтээх, кыайыылаах-хотуулаах киһи эбит. 1942 сыллаахха үлэ фронугар ыҥырыллан тас Монголияҕа сылдьыбыт. 1943 сыллаахха манна өлбүт. Иккис кэргэнэ Оконешникова (Кычкина) Александра Даниловна маҥнайгы кэргэниттэн оҕолорун иитиспит. Ол дьон оҕолоро, сиэннэрэ Курбуһахха олороллор.
