1918 с. II Өспех нэһилиэгэр Чагдаайыга Элбэҕи диэн сиргэ, элбэх оҕолоох дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Илин Аллаҥҥа “Чыычаах Ыстапаана” диэн киһи ылан иитэн, oҕo оҥостубут.
Дьиҥ төрөөбүтүнэн Ийэ дойдуларын көмүскэспит сэттэ бырааттыы Румянцевтартан бэһис уол эбит. Оскуолаҕа үөрэммэккэ хаалбыт.
“Үүнэр күүс” колхозка биир төһүү үлэһиттэрэ эбит. Уҥуоҕунан орто соҕус эрээри, бэрт киппэ, дулун курдук, үчүгэй үскэллээх, доруобай киһи буолбут. Онон үлэни-хамнаһы да кыайыгаһа.
1941 с. атырдьах ыйын 12 к. армияҕа ыҥырыллан барбыта, төрөөбүт дойдутугар эргиллибэтэҕэ.