Тюляхский наслег

1915 сыллаахха Өнөр нэһилиэгэр Эһэлээххэ төрөөбүтэ. 1938 сыллаахха Түүлээххэ көһөн кэлбиттэрэ. Дүпсүн сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ. 1939 сыллаахха Томтор түөрт кылаастаах оскуолатыгар учууталлаабыта. 1940 сыллаахха рабфакка сыл аҥара үөрэммитэ. Түүлээххэ балык биригээдэтигэр үлэлээбитэ. 1943 сыл бэс ыйын 8 күнүгэр Чурапчы военкоматынан армияҕа ыҥырыллыбыта. Сулууспалыыр кэмигэр атаҕын өлөрөн, 1944 сыллаахха дойдутугар кэлбитэ. “Кыһыл Союз” колхозка туус бапыкка үлэлээбитэ. Булуҥҥа балык биригээдэтин салайбыта. Ааллаах-Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыта. Бээрийэҕэ, Бороҕоҥҥо атыылааччынан, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа үлэлэтэлээбитэ. 1978 сыллаахха өлбүтэ.

1918 сыллаахха Кылаайыга Дьөгүөссэ Өтөҕөр төрөөбүтэ. Түүлээх түөрт кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ. Хонууга биригэдьиирдээбитэ. 1943 сыл бэс ыйын 8 күнүгэр Чурапчы военкоматынан армияҕа ыҥырыллыбыта. Иркутскай уобаласка үлэҕэ сылдъыбыта. Онно кэргэннэнэн олорон баран, 1953 сыллаахха Бороҕоҥҥо кэлбитэ. Бороҕоҥҥо араас үлэлэргэ үлэлээбитэ. 1983 сыллаахха өлбүтэ.


1923 сыллаахха «Кыһыл Союзка» Талбыкыга төрөөбүтэ. Орто уҥуохтаах, этиргэн, төгүрүк сирэйдээх, хара бараан киһи. Түүлээх, Дүпсүн оскуолаларыгар үөрэммитэ. 1940- 1941 сс. Мүрүоскуолатынахсыс кылааһын бүтэрбитэ. Дойдутугар рыбзаводка приемщигынан, хонууга үлэлээбитэ. Үчүгэй от охсооччу этэ. 1942-1943 сс. Түүлээх нэһилиэгин Советын секретарынан үлэлээбитэ. 1943 сыл от ыйын 8 күнүгэр Чурапчы военкоматынан ыҥырыллан, төрөөбүт өтөҕүттэн Талбыкыттан армияҕа барбыта. Мальтаҕа, Даурияҕа сборга сылдьыбыта. 94-с сд. рядовойа. Ротатыгар суруксуттаабыта. Партия чилиэнигэр кандидат буолбута. Хайлар куораты
босхолуур иһин сэриигэ кыттыбыта.1945 сыл атырдьах ыйын 13 к. хорсуннар өлүүлэринэн өлбүт. Хайлар куорат садыгар братскай ииҥҥэ көмүллүбүт. Өстөөх бу куоракка аһара күүстээх утарсыыны оҥорбута. Хайлар куорат өһөх хара буруонан үллэн олороро. Кыргыһыы икки күннээх түүн салҕанан барбыта. Куораты иилии эргийбит сопкалары дьөлө хаһан, өстөөх аһынүөлүн, сэриитин сэбин вагонеткаларынан таһынара. Оннук бөҕөргөтүммүттэрэ. Икки өттүттэн сүтүк элбэх этэ. Генерал Ревуненков бирикээһинэн 210-с стрелковай дивизия чаастара Хайлар куорат илин өттүнэн Аргунь өрүһү туоруур муостаны өстөөхтөн былдьаабыттара. Ол түмүгэр Хайларга түмсүбүт өстөөх сэриилэрэ төгүрүктээһин иһигэр киирбиттэрэ уонна хотторбуттара. Хайлар куорат өстөөхтөн босхоломмутун кэннэ, көрбүт киһи бу курдук суруйбута: «Сэриилэһии бүппүтэ төһө да
икки хоннор, Хайлар куорат өһөх хара  буруонан үллэн олороро». Оччо хабыр киирсиилэр буолбуттара. Сыроватскай Серафим Николаевич I 15 сааһыттан хоһоон суруйуунан утумнаахтык дьарыктаммыта, Бу — сэриигэ
барарга ыҥырылларын туһунан Чурапчы военкоматыттан бэбиэскэни тутан баран суруйбут хоһооно:

А р а х са р , а т т а н а р ч а а ст а р б а р
Арахсар, аттанар чаастарбар,
Алламмар киирэммин турабын,
Мүөттэрдээх сөп-сөрүүн салгыҥҥар
Мөтөҕөр түөспүнэн тыынабын.
Сыыйыллар дьигискэн сүүрүккүн.
Аллараа түһэрэн эрэҕин!
Сүрэҕим эн кэрэ дьүһүҥҥүн
Туойарга олустук тэбэҕин!
Ол иһин маанылаах тойукпун
Анааммын суруйан хааллардым,
Мин күндү ытыктыыр доҕорбун
Ахтаммын кытары ыллаатым.

Серафим Николаевич  дьонугар ыыппыт суруктарын ийэтэ Сыроватская Мария Егоровна харыстаан уура сылдьыбыт. "Ахтылҕаннаах төрөппүт ийэм, быраатым, эдьиийдэрим уонна бары аймахтарым, тутуҥ бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүнэн аҕыйах тыллаах сурукпун кытта дорообото!

Ытыктабыллаах дьонум: Биһиги дойдубутугар үтүө күннэр тахсан тыктылар, күүтүллүбүт күннэр кэллилэр! Өстөөх толору урусхалланна. Аны эйэлээх үтүө олоҕу саҕалыыбыт. Ол иһин ити кыайыыны кытта эһиги олус бэркэ ыалдьыбакка-санаарҕаабакка олороргутугар баҕарабыт. Сэрии сэртибэтэ суох буолбат. Ол быыһыгар биһиги дьоммут норуот иннигэр баран өлөн туораабыттара. Кинилэр ааттарын хаһан да умнар сатаммат. Хайа даҕаны кэмҥэ ахтан ааһар буолаарын.

Мин олус бэркэ сылдьабын. Доруобуйам чааһа талбыт курдук. Үөрэнэбин күнүн ахсын. Усулуобуйа чааһа олус бэрт. Билигин табахтан, испиискэттэн тиийэ биэрэллэр. Мин эһигиттэн суругу кыралаан тутабын. Туолка олус өр айаннаан кэлэр. Мин баар ротабар суруксутунан дьэ үлэлээн эрэбиню Онон ханна да ыыппаттара буолуо. Билигин мин хаһан эрэ тустубут, оонньообут күндү дойдум тупсан, чэлгийэн, долгуйан турдаҕа. Бу кэмҥэ ону ахтабын, саныыбын мин хайдах үөскээбиппин. Санааргыыр сатаммат. Өр даҕаны, өтөр даҕаны кэминэн өтөхпөр эргиллиэм диэн эрэнэ саныыбын. Эһиги эрдэ биһигини көһүтүмэҥ. Бу олорор сирбит дьылҕатын быһааран баран тиийиэхпит. Хаартыскаҕа түһэрбэттэр. Хата, эһиги түһэн миэхэ ыытаарыҥ. Көрүөҕү олус баҕарыллар. Манан бака суруйарым бүтэр. Быраһаайдарын, көһүтэр күндү күннэргэ дылы. Баҕарабын бары үтүөнү. Хааллым Серафим Николаевич Сыроватскай. 16 мая 1945 года. П\п 25401-Н".

Серафим Николаевич сэриигэ өлбүт дойдутун дьонун туһунан барытын билбитэ. Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх үөрүүлээх күнүн көрсүбүт эрээри, японнары утары сэриигэ охтубута. 

Сэриигэ өлүөн алта хонук иннинэ бу ийэтигэр, дьонугар ыыппыт суруга.

"Ахтылҕаннаах төрөппүт ийэм, таптыыр быраатым, эбэм, эдьиийим Евдокия, Елена Константиновна мин ааппыттан аҕыйах тыллаах сурукпун кытары хаһан даҕаны умнуллубат итии дорооболоруҥ!!!

Мин ааппыттан ыраах-ыраах сүүһүнэн көстөөх сииртэн ыытар аҕыйах тыллаах сурукпун ааҕыҥ дуу?!

Соччолоох суруйар сонунум суох. Доруобуйам чааһа олус бэрт. Сылдьыы чааһа оннооҕор бэрт. Условие олус бэрт. Сороҕор аһы кыайан аһыныллыбат.

Мин эһиэхэ от ыйын 23 күнүгэр суруйан турабын. Ону туттугут ини? Онтон эбэн суруйарым туох даҕаны суох диэххэ сөптөөх.

Мин бу остуолга олорон суруйбаппын. Балаакка иһигэр сытан эрэн суруйан эрэбин. Бу курдук олорбуппут ый буолан эрэр. Биһиги иннибитигэр боччумнаах улахан сорудах турар. Ол сорудаҕы толорорбутун аҕыйах күннэр быыһаан тураллара буолуохтаах. Саамай кыраныысса таһыгар кэлэн сытабыт. Манна биһиги ротаттан суохтар. Икки уол урут бааллара да, атын сиргэ ыытан тураллар. Суругу эһигиттэн быраатым бэс ыйыгар ыыппытын ылбытым. Онтон ылата ыла иликпин. Аны эһиги сурук даҕаны ыытар буоллаххытына, бэрт өр айаннаан кэлэрэ буолуо уонна манна таба түһэн булара саарбах. Мин куруутун быспакка баарбын биллэрэ сылдьыаҕым. Эһиги суруйбатаххытына да син буолуох этэ. Ону бэйэҕит билээриҥ. Тыыннаах оттоххо, хаһан эмэ дойдуну көрүллүө этэ. Туолка, бастакы күннэр олус суостаах буолаллара буолуо. Биһиги олох куттаммаппыт. Хата, сотору сэриилэстэрбит диибит. Онон киһи дьиибэ буолар эбит. Эһиги саныыргыт, куттанаргыт сатаммат. Уол оҕо төрөөммүт, туохха анаммыппыт да, сырыттахпыт.

Манан мин суруйарым бүтэр. Эһиги дьоллоохтук олороргутугар баҕара хаалабын. Серафим, быйыл үөрэнэр инигин? От-бурдук хайдах таҕыста буолла? Аллан өрүс уутуттан саатар биирдэ испит киһи. Быраһаайдарыҥ. Хааллым Серафим Николаевич I. 7 августа 1945 года".

1912 сыллаахха «Кыһыл Союзка» Танда Төрдүгэр төрөөбүтэ. Сырдык хааннаах, малаҕар кэтит сирэйдээх, орто уҥуохтаах, хатыҥыр киһи. Тыллаах -өстөөх, сытыы-хотуу, нэһилиэк активиһа. Ликбез үөрэхтээх.Комсомоллаах. Кыһыл оҕо эрдэҕиттэн Сыроватскай Савва Александровичка Тарбах Өтөххө Быһыттаахха иитиллибитэ. «Кылаайы», «Хатгыгы» колхозтарга хонуу биригэдьииринэн, ферма
сэбиэдиссэйинэн үлэлэтэлээбитэ. Советдепутата. 1942 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр Чурапчы военкоматынан ыҥырыллан. Кылаайыттан Дьэкэмдэ Өтөҕүттэн армияҕа барбыта. Армияҕа барарыгар кэргэнэ Сыроватская Варвара Тимофеевна Савва диэн уолунаан хаалбыттара. Званиета — рядовой. Сэриигэ сураҕа суох сүппүтэ. 

( 1 9 2 4 - 1 9 4 3 )
1924 сыллаахха Саастымаҕа «Кыһыл Союзка» Түүлээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кыра соҕус унуохтаах, төгүрүк сирэйдээх, суптугур сэҥийэлээх, кэтит сүүстээх, хара бараан этиргэн киһи. Комсомоллаах. Үсүһү бүтэриэр диэри куоракка, биир сыл Дүпсүҥҥэ үөрэммитэ, кэлин Түүлээххэ бэсиһи бүтэрбитэ. Бэһискэ үөрэнэ-үөрэнэ колхозка кыладыапсыктаабыта. Бэсиһи бүтэрэн баран, солбуйар председателинэн, армияҕа тылланан барыан иннинэ 1941- 1942 сс. председателинэн үлэлээбитэ. Кэргэннэммэтэҕэ. 1942 сыл атырдьах ыйыгар Саастыматтан төрөөбүт өтөҕүттэн «Кыһыл Союзтан» армияҕа барбыта. Мальтаҕа сборга сылдьыбыта. Чита куоракка хортуоппуй хостуубун диэн суруйбута. 153-стуспастрелковай биригээдэ рядовойа. «Минаҕа таптаран өлө сытарын көрдүм»,— диэн биир дойдулааҕа Стрекаловскай Иннокентий Васильевич бэйэтин дьонугар суруйбута.
Сыроватскай Василий Прокопьевич 1943 сыл олунньу ый 26 күнүгэр сэриигэ өлбүтэ уонна Смоленскай уобалас, Гагаринскай оройуонун Медведка дэриэбинэтигэр көмүллүбүт.

Сыроватскай Василий Прокопьевич балтыгар Сыроватская Мария Прокопьевна 1-гэ суруйбут суруга:

"Моей сестре Марии Прокопьевне пламенный горячий чистосердечный солдатский привет из далекого город  Хабаровска! Аҕыйах тыллаах сурукпун ааҕыаххыт иннинэ, миигиттэн салгын устун да  буоллар, барыгыт дорообото тутун! Суруйар сонун туох да суох. Сылдьыы, доруобуйа да кэминэн учугэй. Усулуобуйа чааһа учугэй . Эһиэхэ туох сонун баарый? Олоруугут хайдаҕый ? Атын ыаллар?  Уопсайынан да колхоз олоҕо хайдаҕый? Төһө бэрт сайын буолла? Самыыр хайдаҕый? Өҥө -тото? Мин дойдубуттан биир суругу ыллым. Ол эбэтэр эн аҕыйах тыллаах суруккун. От ыйын 13 күнүгэр туттум. Улахан үөрүүнү кытта ыллым. Аҕыйах да буоллар, дойдум сонунун иһиттим. Миэхэ биир да киһи суругу суруйбаттар. Тоҕо суруйбаттара буолла? Билбэтим. Суругу бокуойа суох ыытан баран, салҕан, суруйбакка сырыттахпына эн суругун кэллэ. Ону аахтым дойдум аатыттан. Урукку сирбинэн эргийэн кэлбит. Билигин Хабаровскай куоракка баарбын. Уолаттар аадырыстарын ылбытым. Суругунан билэбин. Ити аадырыстан уларыйбаттар. Иван полковай школаҕа анаммыт үһү. Кыратык ыалдьа сылдьан баран үтүөрбүт үһү. Мин эмиэ аҕыйах бириэмэҕэ кыралаан ыалдьан, илиим иһэн моһуохтуу сылдьан баран, билигин барыта ааста. Мин аадырыһым маннык: г. Хабаровск, п/ отделение 11, в/ч 31906 "Д" диэн буолта. Манан суруйар бүтэр. Бэркэ тиэтэйэн олорон суруйдум. Сотору суруйуоҕум, оҥостон олорон. Буочарым игин табыллыбата, ону баалаама. Сатаан аахпатыҥ буолуо. Суруй элбэх сонуну. Күүтүөҕүм. Суруйдум Василий". (Сурук харандааһынан суруллубут)

1926 сыллаахха Таатта оройуонугар Хара нэһилиэгэр гөрөөбүтэ. Түүлээх оскуолатыгар иккиһи бүтэрбитэ. Хонууга үлэлээбитэ. 1944 сыл бэс ыйыгар Хара нэһилиэгиттэн Чурапчы военкоматынан армияҕа ыҥырыллыбыта. Артиллерийскай чааска сулууспалаабыта. Званиега — рядовой. Японияны утары сэриигэ Монголия территориятыттан кыттыбыта. 582-с сп. састаабыгар 1945 сыл балаҕан ыйын 3 күнүгэр диэри сэриилэспитэ. Дойдутугар 1949 сыллаахха кэлбитэ. Дьокуускай куоракка олохсуйбута. Араас үлэлэргэ үлэлээбитэ. “Японияны кыайыы иһин” мэтээлинэн, Аҕа дойду сэриитин II степеннээх орденынан (юбилейнай) наҕараадаламмыта. 1993 сыллаахха өлбүтэ.