( 1 9 2 4 - 1 9 4 3 )
1924 сыллаахха Саастымаҕа «Кыһыл Союзка» Түүлээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кыра соҕус унуохтаах, төгүрүк сирэйдээх, суптугур сэҥийэлээх, кэтит сүүстээх, хара бараан этиргэн киһи. Комсомоллаах. Үсүһү бүтэриэр диэри куоракка, биир сыл Дүпсүҥҥэ үөрэммитэ, кэлин Түүлээххэ бэсиһи бүтэрбитэ. Бэһискэ үөрэнэ-үөрэнэ колхозка кыладыапсыктаабыта. Бэсиһи бүтэрэн баран, солбуйар председателинэн, армияҕа тылланан барыан иннинэ 1941- 1942 сс. председателинэн үлэлээбитэ. Кэргэннэммэтэҕэ. 1942 сыл атырдьах ыйыгар Саастыматтан төрөөбүт өтөҕүттэн «Кыһыл Союзтан» армияҕа барбыта. Мальтаҕа сборга сылдьыбыта. Чита куоракка хортуоппуй хостуубун диэн суруйбута. 153-стуспастрелковай биригээдэ рядовойа. «Минаҕа таптаран өлө сытарын көрдүм»,— диэн биир дойдулааҕа Стрекаловскай Иннокентий Васильевич бэйэтин дьонугар суруйбута.
Сыроватскай Василий Прокопьевич 1943 сыл олунньу ый 26 күнүгэр сэриигэ өлбүтэ уонна Смоленскай уобалас, Гагаринскай оройуонун Медведка дэриэбинэтигэр көмүллүбүт.
Сыроватскай Василий Прокопьевич балтыгар Сыроватская Мария Прокопьевна 1-гэ суруйбут суруга:
"Моей сестре Марии Прокопьевне пламенный горячий чистосердечный солдатский привет из далекого город Хабаровска! Аҕыйах тыллаах сурукпун ааҕыаххыт иннинэ, миигиттэн салгын устун да буоллар, барыгыт дорообото тутун! Суруйар сонун туох да суох. Сылдьыы, доруобуйа да кэминэн учугэй. Усулуобуйа чааһа учугэй . Эһиэхэ туох сонун баарый? Олоруугут хайдаҕый ? Атын ыаллар? Уопсайынан да колхоз олоҕо хайдаҕый? Төһө бэрт сайын буолла? Самыыр хайдаҕый? Өҥө -тото? Мин дойдубуттан биир суругу ыллым. Ол эбэтэр эн аҕыйах тыллаах суруккун. От ыйын 13 күнүгэр туттум. Улахан үөрүүнү кытта ыллым. Аҕыйах да буоллар, дойдум сонунун иһиттим. Миэхэ биир да киһи суругу суруйбаттар. Тоҕо суруйбаттара буолла? Билбэтим. Суругу бокуойа суох ыытан баран, салҕан, суруйбакка сырыттахпына эн суругун кэллэ. Ону аахтым дойдум аатыттан. Урукку сирбинэн эргийэн кэлбит. Билигин Хабаровскай куоракка баарбын. Уолаттар аадырыстарын ылбытым. Суругунан билэбин. Ити аадырыстан уларыйбаттар. Иван полковай школаҕа анаммыт үһү. Кыратык ыалдьа сылдьан баран үтүөрбүт үһү. Мин эмиэ аҕыйах бириэмэҕэ кыралаан ыалдьан, илиим иһэн моһуохтуу сылдьан баран, билигин барыта ааста. Мин аадырыһым маннык: г. Хабаровск, п/ отделение 11, в/ч 31906 "Д" диэн буолта. Манан суруйар бүтэр. Бэркэ тиэтэйэн олорон суруйдум. Сотору суруйуоҕум, оҥостон олорон. Буочарым игин табыллыбата, ону баалаама. Сатаан аахпатыҥ буолуо. Суруй элбэх сонуну. Күүтүөҕүм. Суруйдум Василий". (Сурук харандааһынан суруллубут)