Алексеева Ольга Михайловна

Мин 1929 сыллаахха ыам ыйын 4 күнүгэр төрөөбүтүм. Тулаайах буолан эдьиийдэрбэр, убаайдарбар иитиллибитим. 6 саастаахпыттан эдьиийбин кытары фермаҕа сылдьан көмөлөьөр этим. 12 сааспар фермаҕа ыанньыксыттаабытым. Онтон ыла «Баҕадьанан», «Халыманан» үлэлээбитим.

Тулаайах буоламмын улахан үөрэх суох. Сэрии ыар сылларыгар сайынын окко, саас-күһүн сир тардааһыныгар үлэлиир этибит. Дояркалыы сылдьан ньиирэйдэрбитин бэйэбит көрөр этибит. Ньиирэйдэрбит сиир отторун бэйэбит оттуур этибит.

Биир оҕолоохпун, сиэннээхпин, биир хос сиэннээхпин.