Винокурова Варвара Афанасьевна

            Мин 1934 сыллаахха муус устар 28 күнүгэр колхозтаах бааһынай дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕонон төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт сэттиэ этибит: биэс уол, икки кыыс. Олох кыра эрдэхпиттэн эбэбэр, эһэбэр сылдьыбытым. Онно иитиллибиппин. Кинилэр Кыһыл Союз холхуоска олорбуттара.Эһэм бултуура, эбэм дьиэтин көрөрө.Биир кырдьаҕас ынахтаахпыт..Ону оттоон – мастаан нэһиилэ иитэллэр этэ. Барыта 14 оҕоттон 7 оҕо улааппыппыт. Атыттар оҕо сылдьан өлбүттэрэ.

            Сэрии буола турар кэмигэр мин 7-12 саастаах оҕо этим.Олус ыарахан сыллар этилэр.Оччолорго син улаатан дьоммор туһалыырым. Холхуоска үксэ оҕолор этибит.Сиэмэ итигэстэтэллэрэ. Аччыктыырбыт,улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлиирбит. Өлүү аспытын – бурдук,арыы биэрдэхтэринэ наһаа үөрэрбит.Куобах баар этэ,наһаа көтөх буолара.Ону ол диэбэккэ сиирбит.

            Төрөппүт ийэм сэрии сылыгар үлэлии сылдьан тымныйан , аҕыйах хонон хаалбыта. Аҕабыт оҕолорун бэйэтэ дьон оҥортообута. Кыһыл Союз холхуоска балыктааһыҥҥа биригээдэ тэриллэн үлэлиирэ.Туустууллара. айахпытыгар сиэппэттэрэ,ханна эрэ ыыталлара.Эһэбин кытта бииргэ сылдьан бултуурум. Бурдугу миэхэ таттарар этэ.Өрүс уҥуор тыынан сылдьар этибит. Дьиэбитигэр эрдэ кэллэхпитинэ эбэм наһаа үөрэр этэ – булпутун көрөн.Ити сылларга мээнэ бултаппат этилэр, биирдэ эмит барааччыбыт.Ону да көҥүллээх буоллахпытына-сокуон наһаа кытаанах этэ.

            Элбэх киһи кыргыһыы толоонугар өлбүтэ.Сэрии сылын оҕолоро үөрэҕэ суох хаалбыппыт. Сэрии кэнниттэн бу кыра холхуоһу холбооннор, биир улахан холхуос буолбуттара. Онон үлэ өссө элбээбитэ. Оҕо сааспыт оҕус  сиэтиитигэр , булуугунан сири тиэриигэ , сиэмэ ыһыытыгар, хортуоска олордуутугар ааспыта.Утуппат этилэр, түүннэри бүтэттэрэллэрэ.Аны аһыҥа бурдугу сиирин иһин сэтии диэн быаны Уҥуор-маҥаар туран соһорбут.Сиик бөҕө түһэн,таҥаспыт наһаа сытыйар этэ.Ынах этэрбэс сыыһа сытыйан бүтэр этэ. Оннук үлэлиирбит..

            Билигин кырдьан олорон санаатахха, алдьархайдаах аас-туор олох эбит,ама да аастар. Биир уол оҕолоохпун, кэргэннээх, икки оҕолоох, кырачаан сиэннэрдээхпин.Кинилэргэ сүбэ-ама буолабын. Пенсияҕа тахсыахпар диэри оҕо тэрилтэтигэр асчытынан үлэлээбитим.