Винокурова Варвара Васильевна

Мин 1931 сыллаахха кулун тутар 26  күнүгэр Түүлээх нэһилиэгин олохтооҕо Винокуров Василий Яковлевич уонна Таатта Баайаҕатыттан төрүттээх Тосина Евдокия Егоровна дьиэ кэргэнигэр Арҕаа Мыраан анныгар алта муннуктаах бабаарына дьиэҕэ күн сирин көрбүтүм. Дьонум холкуостаахтар этэ, онон оҕо сааһым оччотооҕу тыа оҕотун сиэринэн, тиийиммэт-түгэммэт олоххо ааспыта.

Аҕыс сааспын туолаат, 1939 – 1940 үөрэх дьылыгар маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирбитим. Иккис кылааһы бүтэрдэҕим сайын Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаламмыта. Биһиги Баһыкыаптааҕы дьиэбитигэр көһөн кэлбиппит. Сотору убайым Захар армияҕа барбыта. Эдьиийбиниин кыһынын үөрэнэн, сайынын үлэ үөһүгэр сылдьыбыппыт. “Туох барыта – кыайыы туһугар» диэн өй-санаа иитэлээбит көлүөнэтин бэрэстэбиитэлэ буолабын.

Биһиги нэһилиэктэн сэриигэ бастакы хомуур 1942 сыллаахха буолбута. Барааччылары атаарыы дьон уйулҕатын хамсатыыта оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн хаалта. Онтон ыла оонньуур оҕо саас ааспыта. Сэрии сылларыгар, ол да кэнниттэн, хонуу үлэтэ барыта илиинэн толоруллар буолан, оҕо дьоҥҥо олус ыарахана. Ол да үрдүнэн ким да үлэттэн аккаастанар-куотунар диэни билбэт этэ. Бука бары эйэлээх баҕайытык үлэлээн сылдьыбыппыт. Бадаҕа, миэхэ бэйэбэр үлэҕэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыы ол саҕаттан иитиллибитэ.

Мин  1946-47 үөрэх дьылыгар сэттис кылааһы бүтэрбитим. Онтон ыраата баран үөрэнэр кыах суох буолан, холкуоска Арҕаа Төбө ферматыгар бороон көрбүтүм.

1948-49 үөрэх сылыттан Мүрү орто оскуолатыгар үөрэнэн,  1952 саас бүтэрэн, салгыы Якутскайдааҕы учительскай институкка үөрэнэн, 1954 с. ситиһиилээхтик бүтэрбитим. Уус Алдан оройуонугар Орто Эбэ  7 кылаастаах оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан анаммытым. Бу оскуолаҕа алта сыл саха тылын, икки сыл алын кылаастары үөрэппитим. Икки сыл пионербаһаатайынан, эмиэ да комсомольскай секретарынан үлэлии сылдьыбытым.

 1962 сыллаах сайын төрөөбүт-үөскээбит Түүлээхпэр икки оҕолоох ыал киһи көһөн кэлбитим. 1970 с. диэри алын кылаастары үөрэппитим, салгыы  1970-71 үөрэх дьылыттан саха тылын үөрэппитим, уонтан тахса сыл үөрэх чааһыгар сэбиэдиссэйдээбитим. Кэлин, пенсияҕа тахсан баран, уһуйааҥҥа иитээччинэн, эмиэ да солбук учууталынан 1993 сыл күһүнүгэр диэри үлэлээбитим.

Сыл аайы общественнай ноҕоруускалаах буоларым. Өлтөх да, Түүлээх да нэһилиэктэрин советтарыгар түөрт ыҥырыыга депутатынан үлэлэспитим. Дьахталлар комитеттарыгар, быыбардар комиссияларыгар секретарынан, агитзона начальнигынан, лектор-агитаторынан үлэлиирим, уус-уран самодеятельноска институкка үөрэнэр эрдэхпиттэн кыттарым. Илиинэн оҥоһук быыстапкатыгар хас да төгүл кыттыбытым, “Мандар Хотун” номинация кыайыылааҕа буолбутум.

Үлэлээбит сылларбар үлэм сыанабылынан  РСФСР, Саха АССР, обком, ЯРИУУ, СР Президенин, райсовет, райком, РОНО, профсоюз, үөрэҕирии салаатын, улуус дьаһалтатын, бэтэрээннэрин сэбиэтин, улуустааҕы культура салаатын, кииннэммит библиотека, социальнай харысхал управлениетын, «Герой Егоров” совхоз, Түүлээх нэһилиэгин олохтоох сэбиэтин, дьаһалтатын, орто оскуола, “Айылгы” ветераннар түмсүүлэрин үгүс махтал суруктара, бочуотунай грамоталара, “В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгар үлэҕэ килбиэнин иһин”, “Үлэ ветерана”, “1941-1945 с.с. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин”, “И.В.Сталин төрөөбүтэ 120 сылынан”,  “Маршал Жуков 100 сылынан”, “ 1975 с. Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа” о.д.а  мэтээллэр буолаллар. 

Варвара Васильевна Винокурова, тыыл, педагогическай үлэ ветерана, “Учууталлар учууталлара”, “Үөрэҕирии сайдыытыгар кылаатын иһин”, “Уус Алдан улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин”, “Семейная доблесть” бэлиэлэр хаһаайкалара, Түүлээх  нэһилиэгин  Бочуоттаах гражданина.