Константинов Петр Гаврильевич

Мин Константинов Петр Гаврильевич 1940 сыллаахха балаҕан ыйын 4 күнүгэр 4 чааска “Көнтөс” диэн сиргэ төрөөбүтүм. Колхоз иннинэ кыра нэһилиэктэр туспа сир хорутан сиэмэ ыһар этилэр. Сиэмэнэ илиигэ илдьэ сылдьан илиигинэн ыһар этилэр. Кыра оҕо 7-8 саастан ыһыыга оҕыс сиэтэр этэ. Күһүн ол сиэмэни аны быстарыы буолара. Ону ат от охсорунан  быстарар этилэр. Оҕустарар киһи эргийэн кэлэригэр сиэмэни кууүан ылан туоратар этибит. Сорох оҕолор сиэмэни хам кууһан ылан кэлгийэллэр этэ. 5-6 устуука оҥорон баран бугул курдук туруорар этибит. Элбэх оҕо буолан үлэлиир этибит.

1947-48 сылларга бурдук суох этэ. ол иһин киһи  барыта бааһына хомуллан бүппүтүн кэннэ сиэмэ куолаһын итигэстиир этибит. Ону куурдан-хатаран баран суоруна тааһынан тардан бурдук оҥорор этибит. Ону лэппиэскэ оҥороллоро. Ону аччыктаатахпытынга сиирбит. Ол саҕана балык, куобах баар буолан абыраабыта. Ким эрэ үрэххэ быһыт быһан күстэх ылан үөлэннэр ону сиир олус да бэрт этэ.

Сорох сыл Арҕаа Төбөҕө оҕуруот аһын олордууга үлэлиирбит онно Оллонов Сүөдэр икки өтөххө хоппууста олордоро, уонча оҕо буолан үлэлиир этибит. Сүөдэр маһынан насос оҥорбута, бааһына ортотугар хаптаһынынан улахан иһит оҥорбута, ууну ооно хачайдыыра уонна оҕолор онтон хоппуустаҕа уу таһарбыт. Күһүн эмиэ барытын бэйэбит хомуйарбыт. Ханна илдьэллэрин билбэт этибит. Үгүс оҕо атах сыгынньах сылдьан үлэлиирбит.

Кэлин улаатан баран 17 сааспар Быһыттаах  ферматыгар 4 дояркаҕа бостуугунан ыыталлар. Күһүн кыстыкка киириигэ миэхэ 15 ынаҕы биэрэннэр доярка буоллум. Уонна “Танда төрдүгэр” көһөн бардыбыт. Ити курдук дояркалыы сылдьан 1958 сыл сэтинньи ыйга Бээрийэҕэ “Мээнди” диэн сиргэ ферма баар этэ. үс улахан хотонунан кыстаан олороллоро. Варвара Александровна ийэтинээн Мээндигэҕэ дайааркалыыр этилэр. Мин онно Варвараны кэргэн ылаары тиийбитим. Уонна 4 сыл онно олорон эрэ үлэлээбиппит. Фермаҕа от тиэйиитигэр анаабыттара, үс оҕус, биир ат онон 4 көлөнөн кыһыны быһа от тиэйиитигэр сылдьыбытым. 1962 сыллаахха үһүөн көһөн кэлбиппит. Дириҥ-Атах ферматыгар иккиэн дайаарканан үлэлээбиппит.

Эдэр буоламмыт кыһынын ыраах фермаҕа кыстата ыытар буолбуттара, Хотуоһап, Хаттыгы, Халыма, Саастыма, Арҕаа Төбө фермаларга, сайынын Бүгэр, Дьэкимдэ, Арҕаа Төбө фермаларыгар. Ити курдук сүөһү ыраас үлэтигэр 19 сыл үлэлээбитим. Ыанньык ынахтарбын, үлэбин, 1975 сыллаахха ахсынньыга Туратаев Семен Семнеович-1кыга туттарбытым.

Онон 1976 сыл тохсунньутуттан Суоттуга тракторист идэтин ылаары үөрэххэ барбытым. От ыйыгар диэри үөрэммитим. Үөрэхпитигэр саастаах киһи диэн суоҕун кэриэтэ этэ. 5-6 кыыс суоппар үөрэҕэр үөрэнэллэрэ. Оччолорго Неустроева Галя суоппар үөрэҕэр үөрэнэ сылдьара.

Үөрэхпин бүтэрэн кэлбитим кэннэ. Бииктэр Винокуров оччолорго мэхээнньиктиир этэ, биир эргэ ДТ- 75 тыраахтары биэрдэ. Кыһыннары сайыннары үлэ бөҕөтө.

1977 сыллаахха саҥа ДТ-75 тыраахтар кэллэ, биригээдэ сэбиэтэ мунньахтаан баран ол тыраахтары  миэхэ биэрэрин туһунан биллэрдэ. Саҥа аата саҥа, үлэ күөстүү оргуйда.

1979 сыллаахха гражданскай сэрии геройа Г.В. Егоров төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тарктористар икки ардыларыгар социалистическай куоталаһыыга бастаабытым, лауреат аатын уонна москвич массыына фондатынан наҕараадалммытым.

1983 сыллаахха Суоттуга суоппар үөрэҕэр үөрэммитим. Үөрэхпин бүтэрэн ГАС -66, ГАС-53 массыыналарга суоппардаабытым. Таас чох, уотурба таһыыта буолара. Ити быыһыгар араас үлэ элбэҕэ.

1987 сыл түмүгүнэн ГАЗ-53 массыына улуус үрдүнэн социалистическай күрэхтэһиигэ 1-кы миэстэни ылан дьиэ-миэбэлинэн наҕараадаламмытым.

Үлэлээбитим устатыгар иккитэ чемпион лента кэтэн турабын, онус пятилетка ударнига буолбутум. 1956 сылтан 2002 сылга диэри үтүмэннээх үлэни үлэлээн кэлбитим.

Петр Гаврильевич Константинов