Кылгас ахтыы

Мин Куличкин Эрнст Иннокентьевич диэн кырдьаҕас Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Доллу нэһилиэгэр  1943 сыл атырдьах ыйын 3 күнүгэр төрөөбүтүм. Доллу  “Бэрдьигэстээҕэр” олорбуппут. Аҕам “Энгилис” колхозка председателинэн өр сылга үлэлээбитэ, наар салайар үлэҕэ үлэлиирэ, ол иһин биэс оскуолаҕа көһө сылдьан үөрэммитим. Оҕо саас көрүн билбэтэҕим.

Үөрэх дьыла бүттэ  да сотору от үлэтэ саҕаланара. Биирдии улахан киһи звеньевод оҕонньор баһылыктаах сайыны быһа от үлэтэ бүтүөр диэри оҕус сиэтэн, түөртүү, иккилии оҕуһу сиэтэрбит. Онно сарсыарда 4 чааска туруораллара; оҕустаргыт барбыттар, тутан аҕалтаан диэн буолара, кыайан турбатаххына отууттан таһырдьа соһоллоро, күһүн үөрэх дьыла саҕаланыан биир-икки хонук иннинэ босхолууллара.

От үлэтин иннинэ оттонор алаастары кэрийэн аһыҥаны куйуурдаталлара, алаас кытыытыгар  дириҥ омуһах хаһан онно ким төһөнү куйуурдаабытын ыйаан баран омуһахха  сүөкээн буорунан көмтөрөллөрө. Онно миэхэ САСР Верховнай советын председателэ Артахова махтал сурук туттаран турар. Үөрэхпит тээбиринин күтэр-моҕотой тириитин туттаран онон тэринэрбит. Сэрии сылын оҕото буолан овсянка хааһыны сиэн, америка улахан бҕөҕ бачыыҥкатын көрөн, маҥан бөҕө баҕайы сурук-бичик бөҕөлөөх куулунан ыстаан тиктэллэрэ. Онон сэрии кэмигэр айгырааһыны чөлүгэр түһэриигэ бэйэм сэмэй кылааппын киллэрсибит умнуллубат үтүөлээхпин.

1969 сыллаахха Уус – Алдаҥҥа көһөн кэлэн бастаан Танда УБ ГАЗ-69 массыынаҕа суоппарынан киирбитим. Онтон 1971 сыллаахха кылаабынай быраас Бурцев М.А. ыҥыран оройуоннааҕы больница  суһал көмө массыынатыгар үлэлээбитим. 1985 сыллаахха завгарынан, механигынан пенсияҕа барыахпар диэри үлэлээбитим.

Билигин Уус- Алдан оройуонугар Түүлээх нэһилиэгэр бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун, Мүрү бочуоттаах олохтооҕобун, доруобуйа туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, сэрии оҕотун мэтээл хаһаайынабын, Уус Алдан улууһун социальнай экономическай сайдыытыгар киллэрсибит кылаатым иһин түөскэ кэтиллэр наҕараадалаахпын.

Эрнст Иннокентьевич Куличкин