Ахтыы
Мин сэрии сылын оҕото, Акулина Гаврильевна диэн кыра ахтыы суруйан эрэбин. Мин 1951-52 үөрэх сылыгар бэлэмнэнии кылааска киирбитим. Күһүн итии соҕус кэмҥэ Арҕаа төбөттөн сатыы сылдьан үөрэнэр этибит. Аччыктаан, тоҥон-хатан да биэрэрбит.Аны туран, уруок ааҕар да, оҥорор да усулуобуйа суоҕа. Чүмэчи, лаампа дьоммутугар суоҕа. Киэһэ көмүлүөк оһох уотун сырдыгар муҥнанар этибит.Мин бастакы сылбар, Кууһума Маайатыгар оскуолаҕа олорон үөрэнэн абыраммытым. Маайа оскуолаҕа үлэлиир этэ. Ким үөрэппитин өйдөөбөппүн. Үөрэнэр кэмнэрбэр саҥа дьыл кэлэрин олуһун да күүтэр да этибит. Дед Моруос подарок кэмпиэт биэрэр этэ. Биири да сиэбэккэ дьоммутугар кэһии илдьэрбит. Ону дьоммут барыбытыгар тэҥинэн үллэрэр этилэр. Биирдэ саҥа дьылга Бороҕонтон улахан кыргыттар кэлбиттэрэ.Арай көрдөхпүнэ наһаа мааны уоннаүчүгэй баҕайы этилэр атласовай лента бантиктаах этилэр. Оо, онно оҕолор бары наһаа ымсыырбыппытын өйдүүбүн. Мин биирдэ да кылааспар хаалбатаҕым.Оччотооҕу оҕолор кылаастарыгар хаалар этилэр. Билиҥҥи курдук сайдыы да суох кэмэ этэ. Оҕону оскуолаҕа бэлэмниир, бэйэлэрэ үөрэхтэрэ, сололоро суоҕа да бэрт буоллаҕа дии. Ол саҕана оҕолор бары борустуой этэрбэс кэтэр этибит. Уллуҥа начаас алдьанан хаалан сордуура. Саатар переменаҕа кыргыттар наар хаама сылдьан ыллыыр идэлээх этибит. Онно дьуһуурунай учуутал баар буолааччы. Онтон биирдэ улахан оҕолору оскуолаттан ууратан, кыргыттар ытаспыттарын өйдүүбүн. Биһигини төрдүс кылааска Ангелина Иннокентьевна Кычкина диэн учуутал үөрэппитэю Наһаа үчүгэй учуутал этэ. Бары олус таптыыр этибит. Линаҕа утары этэр суох диирэ, ол аата биэс сыана буолар диэн этэрэ. Ахсааҥҥа, диктаҥҥа, саха тылыгар үчүгэй этим. Нуучча тылын уруогун бары да сөбүлээбэт этибит. Биир да тылы нууччалыы билбэт буолан үөрэнэргэ ыарахан этэ. Оччолорго оскуоланы оһоҕунан оттоллоро. Сыл тахсар маһы учууталлар уонна оҕолор бэлэмниир этилэр. Мин хаста да тахса сылдьыбыппын өйдүүбүн.Кыра оҕолор чэпчэки үлэҕэ, саһааҥҥа уонна мас мутугун хомуйарбыт.Өссө оскуолаҕа киинэ көрдөрөр этилэр. Ол саҕана бөһүөлэккэ кулууп суох этэ быһыылаах. Киинэҕэ улахан дьон эмиэ кэлэн көрөр этилэр. Бырааһынньыктарга мондолинанан, балалайканан үҥкүүлүүр этилэр. Арааһа, учууталлар оонньуур быһыылаахтара. Биир кылааска икки кылаас оҕолоро үөрэнэр этилэр. Төрдүс кылааска нуучча тылыгар эдьиийим Нина Никифоровна үөрэппитэ.Мин кзм эдьиийим буолан абыранар этим. Онтон бэһис кылааска биир чиэппэр эрэ үөрэммитим. Ийэбит эдэр сааһыгар өлөн оскуолаттан уурайан, бэйэбиттэн кыра түөрт оҕо мин көрүүбэр хаалтара. Аҕам оччолорго инбэлиит этэ.
Онно бэһис кылааска Филатова Акулина Федоровна диэн учуутал кылаас салайааччыта этэ. Наһаа үчүгэй учуутал этэ дии саныыбын. Хас сыл үлэлээбитин билбэппин. Бэһискэ өссө Бээрийэттэн эбии оҕо бөҕө кэлбитэ. Ол сылларга оскуола директора Гаврил Дмитриевич Босиков этэ. Олус үчүгэй киһи курдук өйдүүбүн. Оскуолабар үөрэнэ барыахпын олус да баҕарар этим. Күһүн аайы оҕолор оскуолаҕа баралларын көрөн, ымсыыран ытыыр этим. Онон таптыыр оскуолабын үөрэнэн бүтэрэр дьол тиксибэтэҕэ. Кэлин ыал буолан 1969 сыллаахха дойдубуттан көспүтүм. 40-ча сыл наар поварынан үлэлээн билигин пенсияҕа олоробун. Миэхэ саамай улахан наҕараада эмтэммит дьон итии-истиҥ махталлара уонна таптыыр коллективым ытыктабыла, истиҥ сыһыаннара буолар. Түүлээх орто оскуолатыгар кыайыы 60 сылыгар убайбыт Дмитрий Данилович Оллонов аатын иҥэрбиттэрэ.Ол сылтан оскуоланы кытта сибээс тутабын. Сыл аайы аймахтар кыайыы күнүгэр биэс тыһыынча суумалаах стипендия ыытабыт. 15 сыл тухары Оллоновтар аймах түмсүүлэрин салайан кэллим. Кыайыы 70 сылыгар оскуола коллектива убайбытыгар сквер туппутугар аймахтартан 150 тыһыынчаны хомуйан илдьэн туттарбыппыт. Уонтан тахса киһи буолан тиийэ сылдьыбыппыт. Оскуола коллектива бэлэмнэммит аҕай этилэр, олус истиҥ, үчүгэй көрсүһүү буолбута. Төрөөбүт нэһилиэкпитигэр Түүлээххэ материальнай көмөнү оҥорууга бэйэм кыахпынан мэлдьи кыттабын. Онон төрөөбүт дойдубун, үөрэнэ сылдьыбыт күндү оскуолабын хаһан да умнубаппын. Оҕолор ситиһиилэринаахтахпына олус үөрэбин. Инникитин даҕаны эһиэхэ үлэҕитигэр ситиһии кэлэ турдун. Бары доруобай, дьоллоох буолуҥ.
Акулина Гаврильевна Кузьмина, сэрии сылын оҕото,Мэҥэ-хаҥалас улууһа, Аллараа-Бэстээх.