Попова Варвара Семеновна

Саныыбын ааспыт кэмнэри….. сэрии ыар сыллара. Дойдуга бэрт элбэх иэдээни, өлүүнү – сүтүүнү аҕалбыта. Оччотооҕу ыар кэм олоҕун төрөппүттэрбит барахсаттар дьарамай санныларыгар сүктэхтэрэ. Мин кыайыы буоларыгар биир саастааҕым. Ол кэнниттэн эйэлээх олох саҕаланнаҕа. Оҕо сааспын, ийэлээх аҕам биьигини, алта оҕолорун, хайдах курдук бары кыахтарын, өйдөрүн – санааларын, күүстэрин ууран туран ииппиттэрин санаан, ырытан көрөбүн.

          Төрөппүттэрим боростуой үлэһит дьон этилэр. Ийэм Кривошапкина Вера Николаевна диэн бэрт элбэх биигэ төрөөбүттээҕэ. Эбээбит барахсан Кривошапкина Варвара Егоровна элбэх оҕотун, кэргэнэ өлбүтүн кэннэ, соҕотоҕун атахтарыгар туруорбута, киһи-хара оҥорбута. Икки уолун сэриигэ атаарбытыттан кырата тыыннаах эргиллэн кэлэн барыларын үөрдүбүтэ. Эбээбит сүрдээх дьаһаллаах, олорон турбат үлэһит киһи этэ.

           Ийэм убай Константин Николаевич аатырбыт Көҥүрээх уус. Егор Николаевич эйэлээх олох иһин хорсуннук сэриилэспитэ, сэрии хонуутугар охтубута. Дмитрий Николаевич-суоччут, Анна Николаевна-Герой ийэ, Ксенофонт Николаевич сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлэн уһуннук тырахтарыыстаабыта. Ийэм дьоно Тандаҕа Уолбукка олорор этилэр.

         Аҕам Егор Семен Иванович сэрии кэмигэр сылгыһыт, сылгы биригэдьиирэ этэ. Ону-маны өйдүүр сааспар Сытыган сайылыкка инитин Григорий Иванович дьиэ кэргэнин кытта биир дьиэҕэ эйэ дэмнээхтик олороллоро. Ийэбит фермаҕа үлэлиирэ. Онтон элбэх оҕолонон мин оскуолаҕа киирэр сааһым кэлэн Танда томторугар лчөүөк дьиэтигэр көһөн кэлбиппит. Ийэм маҕаһыыҥҥа остуораһынан, аҕам харабылынан үлэҕэ киирбиттэрэ.

         Дьоммут барахсаттар сэрии алдьархайын, өлүүнү-сүтүүнү билэн, сут, кураан сыллар кыһалҕаларын куртахтарынан билэн, холкуос төһүү үлэһиттэрэ буолан эрэйи-муҥу көрөн кэллэхтэрэ. Сүрдээх эйэлээхтик олорбуттара, сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойуукка диэри үлэлээн тахсаллара. Сүөһү-сылгы, сибинньэ, куурусса иитэллэрэ, хортуопуй олордоллоро. Аҕам бултуура, балыктыыра, өттүкхаралаах, илии тутуурдаах кэлэрэ, биэдэрэ тута-тута хоту, соҕуруу томтордорго сүүрэрбит. Наһаа аймаҕымсах, элбэх доҕоттордоох-атастардаах этилэр. Оччотооҕу кэмҥэ бырааһынньыктар биһиги дьиэбитигэр халыҥ аймаҕы түмэллэрэ, ыалдьыт-хоноһо сылдьыбатах күнэ суоҕун кэриэтэ буолара.

         Биһиги алта бииргэ төрөөбүттэн балтыбыт Аня 16 сааһыгар быар ыарыыттан бараахтаабыта. Улахан өттүбүт сэрии кэннинээҕи олох сиэринэн кыра сааспытыттан сайынын колхозка, пришкольнай учаастакка, кирпиччэ үктээһинигэр уонна да атыны үлэлээн- хамнаан улааппыппыт-үөрэмиппит. Дьоммут барахсаттар иитиилэринэн-үөрэтиилэринэн киһи сиэринэн үөрэхтэнэн үлэһит буолан, оҕо-уруу тэнитэн, сорохтор хос сиэннэнэн дьоммут баҕа санааларын толордохпут, олохторун салҕаатахпыт.

         Мин, улахан кыыстара Попова Варвара Семеновна 1971 сылтан Түүлээххэ кэлэн олохсуйан олоробун, оскуолаҕа учууталлаабытым, СР үөрэҕириитин туйгунабын, Түүлээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕунабын, үс оҕолоохпун, биэс сиэннээхпин.

          Балтым Аграфена Семеновна СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, оҕо быраастарын учуутала, «Гражданскай килбиэн», Дьокуускай куорат «Бастыҥ оҕо бырааһын» бэлиэлэр хаһаайыннара, Байаҕантай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үрдүк категориялаах педиатр быраас.

          Семен Семенович оҕо эрдэҕиттэн сылгыһыт, төрөөбүт Тандатыгар сыспай сиэллээҕи үксэтэр, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, элбэх ыччаттардаах, хос сиэннэр эйэҕэс эһээлэрэ, халыҥ аймах эрэллээх эркинэ.

         Пелагея Семеновна 40-ча тахса сыл Дьокуускайга «Люкс» ательеҕа үрдүкү кылаастаах маастарынан үлэлээтэ. Үс оҕолоох, оҕолоро бары, кийиитэ, күтүөтэ, сорохторо иккилии үрдүк үөрэхтээхтэр, дьиэлээхтэр-уоттаахтар, элбэх сиэн тапталлаах эбээтэ.

          Иван Семенович электрик, суоппар идэлээх, СӨ автомобильнай транспорын үтүөлээх үлэһитэ, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, уола ЮФ деканын солбуйааччыта, элбэх сиэн тапталлаах эһээтэ.

          Дьоммут барахсаттар сиэннэрин олус таптыыллара, күтүөттэригэр, кийииттэригэр эмиэ оҕолорун курдук истиҥ сыһыаннаахтара.

         Ийэлээх аҕам сырдык мөссүөннэрин умнубаппын, куруутун ахтабын, саныыбын...

Варвара Семеновна Попова

Түүлээх нэһилиэгэ, 2020 сыл