:

Үлэ, тыыл ветерана Сыроватскай Прокопий Прокопьевич ахтыыта

Мин Түүлээххэ «Кыһыл Союз» колхоз «Бэс Тумуһах диэн сиригэр 1933 сыллаахха олунньу 16 күнүгэр колхозтаах дьиэ-кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтүм. Кыра эрдэхпинэ ийэм оҕолоноору өлбүтэ. Билигин да онно аһыйбыппын умнубаппын. Сааһым биэһим этэ. Аҕам тоҕус саастаахпар өлбүтэ. Ол кэннэ биир сыл Винокуровтар диэн ыалга иитиллибитим. Кинилэргэ, ылан олорпуттарыгар, махталым улахан.

Онтон ыла колхоз араас үлэтигэр эриллибитим. Кыһынын хотоҥҥо, сайынын оҕуруот аһыгар, окко улахан дьону кытта тэбис-тэҥҥэ сылдьарым. Оскуола диэни билбэтэҕим – ким миигин, тулаайаҕы, көрөн-истэн үөрэттэриэй?! Арыт аччыктаан, ыалтан-ыалга хонорум, аһаталлара.

 Арыый улаатан баран, 16 сааспыттан, төһүү  үлэһит курдук сылдьан, дохуот аахсан, бэйэбин син көрүнэн барбытым. Үксүн ферманы эҥэрдэһэр этим. Халбыыр үүт баҕалаах этэ, үлэлиир буолан, син тииһэнэрим. Ол да нуорма этэ.  Сиэмэ атаҕын 16-лыы киилэни биэрэллэрэ. Ити барыта сэрии, уот-кураан охсуута этэ. Өссө кыра эрдэхпинэ отчуттарга бурдук таттара илдьэ барбыттара. Ону кыайан тардымына, ийэм баара буоллар маннык сордонуом суоҕа этэ диэн, ытыы-ытыы тардарым. Ол бурдугу отчуттарга быыкаа куруусканан үллэрэн биэрэллэрэ. Биирдэ аччыктаан сирэйим иһэн сыттахпына, Ольга уонна Өлөөнө диэн дьахталлар булан ылан, үүттээх чэй эҥин иһэрдэн, тыын ылбытым. Ол дьахталлар, бу киһи буолар оҕо буорайаары гыммыт диэн, аһыммыттара.

Колхозка охтон өлбүт  торбос этин биэрэллэрэ, ону сиир этибит. Дьахталлар тигэн биэртэрэ дуу, куул ыстааннаах, ырбаахылаах этим.

Сэрии кэнниттэн олох улам тупсан барбыта. Арыый улаатан эҥин, дохуот аахсар, син үссэнэн, тото аһыыр буолбутум.

1970 сыллаахха дойдум кыыһын Копырина Мария Васильевнаны кэргэн ылбытым. Түөрт оҕолоохпут, тоҕус сиэннээхпит, биир хос сиэннээхпит. Колхозка араас үлэҕэ сылдьан, билигин пенсияҕа тахсан олоробун.