Тарская Мария Ивановна
Мин, Тарская Мария Ивановна, 1938 сыллаахха Уус-Алдан улууһун Танда нэһилиэгэр, дьиэ кэргэммэр бастакы оҕонон төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт үс кыыс этибит. Кыра кыргыттар аас-туор кыһалҕалаах олоххо ыалдьан өлөөхтөөбүттэр.Аҕам Неустроев Иван Яковлевич 1943 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллыбыта. Онон ийэм Неустроева Анна Гаврильевна мин биэс саастаахпар Түүлээххэ Халымаҕа көһөн кэлбитэ. Онно сүөһү көрбүтүм. Ийэм ыалдьыбытыгар аймахтарбыт Хаттыгыга көһөрөн ылбыттара.Сэрии кэнниттэн алдьаммыт-кээһэммит олоҕу чөлүгэр түһэриигэ күүстээх үлэ буоллаҕа. Бу сылларга, бэйэм тэҥҥэ улааппыттарым курдук, аччыктааһыны, таҥас-сап суоҕун, кырыымчык олоҕу эппинэн- хааммынан билэн улааппытым. Кыра эрдэхпиттэн дьоммор көмөлөһөн борбуйбун көтөхпүтүм. Былыргы кыһалҕалаах олоххо олорбут дьон ордук эйэлээх буолаллара, наар үлэ үөһүгэр сылдьаллара.Оҕолорун иитэр туһугар күннэри-түүннэри түбүккэ сылдьаллара.
Оскуолаҕа 9 саастаахпар биэрбиттэрэ, Түүлээх оскуолатыгар, интернакка олорон үөрэнэн баран, салгыы Мүрү орто оскуолатыгар онус кылааһы бүтэрбитим
1958 сыллаахха Тарскай Николай Кононович диэн Ситимнэһииттэн төрүттээх уолу кытта ыал буолбуппут. Кэргэним өр сылларга сэбиэт сэкиритээринэн үлэлээбитэ, түөрт уол оҕоломмуппут.
1963 сыл бэс ыйыгар Ситимнэһии учаастагыттан, Кылаайыга көһөн кэлэбит.Кэлэн аҕыйах хоноот, балыыһаҕа ньээҥкэнэн үлэҕэ киирбитим.Оччолорго төрөөбүт дьахталлары, кыһыл оҕолору көрүү-аһатыы барыта ньээҥкэ үлэтэ буолара. Оннооҕор биэлсэр ханна эрэ учаастакка барбыт буоллаҕына бэйэбит төрөтөрбүт. Дьахтар эҥин-араас буолуо,-диэн улаханнык дьиксиммиппин өйдөөбөппүн.
Онтон 1967 сыллаахха сиэстирэлэр икки сыллаах куурустарыгар үөрэнэ барабын.1969 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн, дойдубар Түүлээххэ ананан медицинскэй сиэстирэнэн , хаһан пенсияҕа тахсыахпар диэри прачканан үлэлээбитим.