Ахтыы
Мин (Слепцова) Чин-Фю Ульяна Прокопьевна 1942с. олунньу 23 күнүгэр Түүлээх нэһилиэгэр, Кириэстээх диэн сиргэ төрөөбүтүм. Сэрии туһунан өйдөбүлүм диэн дьоннорум кэпсээннэриттэн эрэ буоллаҕа дии. 1948 сыллахха орто убайым Япония сэриититтэн кэлбитэ наһаа уоттаах сэриигэ сылдьыбатах быһылаах этэ, сэрии бүтэһик сылларыгар 20-лээх уолаттары олус харыстаабыттар кыайыы буолара чуолкай, эйэлээх олоҕу тутуһууга сүрүн күүс кинилэр буолуохтара диэн. Онон убайым кэлбитигэр кини санныгар олорон ыһыахха барбыппыт. Наһаа үчүгэй ыһыах этэ, киһи барыта үөрэр көтөр, кымыс, үтэһэлээх эт, алаадьы, балык арааһа баарын өйдүүбүн.
Мин аҕам Слепцов Прокопий Прокопьевич сэриигэ ыҥырыллан баран иһэн Бороҕонтон төннүбүт, сэрии кэмигэр балыгынан хааччыйар биригээдэлэр тэриллибиттэр, онно өрүс аттыгар баар Танда төрдүгэр олохсуйан олорор дьоннортон Түүлээхтэн балыкка сыһыаннаах биригээдэтэ тэрийэҕин, дьонун туттар тэрилин хааччыйаҕын уонна буочукаҕа тууһаан обуоһунан Бороҕоҥҥо атаараҕыт диэн сорудах биэрбиттэр. Ити биригээдэ сэриигэ сылдьар саллааттар паёктарын курдук аһынан хааччыллаллар эбит, ол биригээдэҕэ аҕам убайа Слепцов Гаврил Прокопьевич, балыгы тутууга, паёгу биэриигэ сэрииттэн доруобуйатынан сыыйыллыбыт убайым Слепцов Алексей Гаврильевич үлэлээбиттэр итии аһылыкка диэн сыыс балыгы күстэҕи эҥин, кыра балыгы бэйэлэрэ сииллэр эбит. Биригэдьииринэн ким үлэлээбитин чуолкай билбэппин, ити сорудаҕы ол кэмҥэ райсовет бэрэсэдээтэлинэн үлэлээбит Слепцов Данил Григорьевич биэрбит. Онон аҕабыт сэриигэ барбатаҕа ол иһин буолуо хоргуйар этибит эҥин диэн этэр кыаҕым суох. Сэрии кэмигэр Бережнев Степан, Слепцов Григорий диэн ийэм күтүөттэрэ уонна ийэм быраата Алексеев Иван Климентьевич диэн эдэркээн киһи эргиллибэтэхтэрэ. Аҕам быраата Слепцов Николай Прокопьевич эмиэ суох буолбута, 3 оҕо тулаайах хаалбыттара, биир кыыс оскуолаҕа оһулланан кыра сааһыгар өлбүт.
Эбэм Бочкарева-Алексеева Мария Спиридоновна кыра уолун сүтэрбит аһыытыттан ыарыһах буолан 1954с. өлбүтэ.
Ийэлээх аҕам тулаайах хаалбыт ийэм икки балтын Ульяналары, кэргэн суох балтын Февронияны, ийэтин барытын түмэн ынахтарын эспэккэ колхоз күүстээх үлэтин кэнниттэн ол бу хаалбыт сири оттоон ииппиттэр. Ону таһынан икки көмүлүөк оһоҕу маһынан оттон кытаанах үлэни көрсүбүттэр. Аҕам үлэтин быыһыгар мас охторон биэрэр эбит, ону кэлин ийэм эһиги аҕаҕыт сэрии кэмигэр Сталиннааҕар этэ диэн кэпсиирэ.
Эбэм өлүөн биир сыл иннинэ таайым значоктарын, мэтээлин сэрииттэн чап-чараас кумааҕыга суруллубут суруктарын уонна оҕом кэллэҕинэ сиэтиэм диэн уура сылдьыбыт халлаан күөх дьүһүннээх английскайдыы суруктаах хоруопкаҕа угуллубут, хоруопка аҥара рафинад сахары, кыһыл орто хоруопкалаах от чэйи остуолга уурбута уонна аны уолум кэлбэт онон итини чэйи иһин, сахары оҕолорго биэр, хоруопканан оҕолор оонньоотуннар диэбитэ. Уулаах хараҕынан көрөн турара билигин да өйбөр баар.
Биһиги өй кыра дьоно омук сахарын сиэн, значоктары мэтээл оҥостон үөрүү бөҕө буоллубут, суруктары хоруопкабытыгар укта сылдьан сүтэрдэхпит дии. Онтон билигин хомойобун.
Мин оскуолаҕа 1947 сыллаахха 0 кылааска үөрэнэ киирбитим. Арааһа 12 этибит дуу, учууталбыт Готовцев Иннокентий (Лэкиэй) диэн Бээрийэ киһитэ этэ. Тугу да билбэт, адьас кыра оҕолор буоллахпыт дии. Сорохтор ыалдьан, эбэтэр үөрэххэ барар таҥастара суох буолан хойуут киирбиттэр этэ. Үгүспүт ыраах сиртэн сылдьарбыт, арҕаа төбөттөн, Кириэстээхтэн, оннооҕор мыраан анныттан сатыы кэлэрбит, оччолорго тымныы олус күүстээх этэ. Мутук тыс-тыс гынан тостон, мас тулата хап-хара буолара. Иистэнньэҥ дьаһаллаах ийэлээх оҕолору куобах таҥас быыһыыр этэ. Чөҥөчөх курдук таннан баран төкүнүһэн кэлэрбит, суумкабытыгар мөһөөччүккэ өйүөлээх буоларбыт. Мин куруук куобах буутун уонна арыылаах лэппиэскэ илдьэ кэлэр этим, онтон төһө айахпар киирэрин өйдөөбөппүн, ас көрдөөччү элбэх буолара. Конон Новгородов, Данил Винокуров, Василий Стручков диэн уолаттар арыый биһигиттэн улахаттар этэ. Нэдиэлэ бүтэһигэр төп-төгүрүк харахтаах, кыра уҥуохтаах Вася Стручков аҕата оҕотун ыл кэлэрэ, оҕотугар олус кыһаллар этэ. Мөлтөхтүк саҥарар буолан оҕолор ыйытан көрө-көрө дэлби күлсүүнү таһаараннар уруогу мэһэйдииллэрин иһин учууталбыт кылаастан таһаарара, дьиҥэ күлүү гынар оҕолору буойуохха баар эбит...
Урут оскуолаҕа оҕолор 2-3 сыл хаалаллар этэ, онон сыыйыллан улам аччаан иһэр этибит. Онтон 4-с кылааска үөрэнэ сырыттахпытына олус улахан кыргыттар Хаттыгыттан үөрэнэ кэлбиттэрэ Неустроева Нюта, Аржакова Мотя, Ушницкая Шура саһаан кэннигэр табахтыыллар, кэпсэтиилэрэ да биһигиттэн олох атын буолара. Бу кылааска наһаа учугэй Васильев Константин Егорович диэн учуутал үөрэппитэ, үчүгэйдик үөрэнэр бэрээдэктээх өттүбүт пионерга киирбиппит. Ити курдук үөрэнэн 1957 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн Мүрү орто оскуолатыгар 7 оҕо үөрэхпитин салҕыы барбыппыт. Миигин ити сыл сайыныгар Саастымаҕа от биригээдэтигэр үлэлии сырыттахпына Москва-Киев куораттарынан күүлэйдии барар буоллун диэн сэбиэт бэрэсэдээтэлэ В.Г. Ушницкай мотуорунан илдьэ барда, олус соһуйдум ол иннинэ олох билбэккэ сылдьыбытым. Хата дьонум эрдэ барытын дьаһыйан олороллор эбит. Онон икки хоноот Дьокуускай куоракка Бороҕонуна барбытым. Арааһа группабыт ситэтэ суох буолан куорат оҕолоруттан төлөбүрдээх путевкаҕа оҕолору ыыттылар. Үксэ нуучча оҕолоро, биһиги тыа сириттэн үһүө эрэ этибит, ол иһигэр дьүөгэм (Кривошапкина) Степанова Мария Романовна буолан көттүбүт, олус уһун айан этэ.
1960 сыллаахха Мүрү орто оскуолатын үчүгэйдик бүтэрэн Омскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар киирбитим. 1965 сыллаахха бүтэрэн дойдубар кэлэн тыа хаһаайыстыбатын министиэрстибэтин направлениетынан Үөһээ Бүлүү оройуонун бөдөҥсүйбүт Исидор Барахов аатынан колхоһугар кылаабынай агрономунан ананан 3 сыл этэҥҥэ үлэлээбитим. Колхоһум 1966 сыл түмүгүнэн туорахтаах култуура үүнүүтүгэр Өрөспүүбүлүкэҕэ бастаан наһаа астыммытым. Ити кэмҥэ обкомол чилиэнинэн Үөһээ Бүлүү комсомолун комитетын бюротун чилиэнинэн үлэлээбитим, ыччаты кытта үлэлээһиҥҥэ элбэх оскуола кыһатын барбытым. 1968 сылга ыал буолан дойдубар төннөн кэлэн 30-ча сыл үлэлээн, 53 сааспыттан пенсияҕа барбытым. 1990 сыллаахха улахан уларыйыыга 3 сыл курдук үлэлээн баран мин майгыбар барбат укулаат буолбутун өйдөөбүтүм уонна улахан миэлиҥсэни төттөрү эргитэр кыаллыбат буолбут били бэйэлээх ньыр бааччы олорбут тыа сирин дьоно үлэтэ суох, дьиэтин-уотун көрөр кыаҕа суох буолбутун көрө сылдьан тугу да көмөлөһөр кыаҕа суох, урукку былааһы аһыйан мөҥүттэ сылдьыахпын эбэтэр сирэй көрбөх буолан, испэр атын өйдөөх таспар атыннык этэр миэхэ барсыбат эбит диэн 3 оҕобун салҕыы үөрэттэрэр, кыһалҕата суох суолларын тобулалларыгар аныгы дьон хараҕынан үлэлиир гына усулуобуйаларын тэрийэр соругу ылынан Дьокуускай куоракка бары көһөн киирбиппит. Дьиэбитин квартирабытын атыылаан, оҕолорбутугар кыра да буоллар квартира, уһаайба атыылаһан мин сиэннэрбин көрө саҥа киирбит дьоҥҥо детсад да көстүбэт, үлэ миэстэтэ да суох курдук, онуоха табаарыстарбыт улахан өйөбүл буолбуттара. Саатар 2 дефолт саҕаламмыта, тас дьаһылтаны барытын кэргэним Николай Васильевич ылбыта, онон аҕыйах сылынан оннубутун булан олохсуйан, 5 оҕо үрдүк үөрэхтэрин ситэри бүтэрэн, бэйэбин кытта сылдьар 9 сиэн оҕолор тустаах миэстэлэрин булунан барыта этэҥҥэ буолан истэ. Күн дьыл ааһара түргэн, сиэннэрбиттэн 2 оҕо үөрэхтэрин бүтэрдилэр, 3 оҕо үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьаллар, онтон уратылар оскуола дьоно. Ааппын сүгэр саамай кыра сиэним 8 саастаах. 1 саастаах хос сиэннээхпин. Мин саныахпар ийэ киһиэхэ үрдүк дьоло олоҕун салҕыыр ыччаттардааҕа. Түмүгэр киһиэхэ төрөөбүт сирэ-дойдута саамай үчүгэй, сылаас өйдөбүллээх, кыһалҕата суох оҕо саас ааспыт сирэ-уота сааһырдаҕын аайы өссө күндүтүйэн иһэр. Итинник үтүө өйдөбүл үйэтин тухары оҕоҕо кырдьыар диэри сылдьар гына сылааһынан илгийиитигэр, төрөппүттэр улахан оруоллаахтар. Ити эбээһинэһи үйэлэрин тухары илдьэ сылдьар гына иҥэрэргэ хас биирдии киһи эдэриттэн кыһаллара, үлэлиирэ, олороро олус суолталаах.