Страница 2 из 2
Абрамов Михаил Евсеевич (1914-1942)
1914 сыллаахха Тандинскай нэһилиэккэ төрөөбүтэ. Аҕата, «Кыттаайы» колхоз чилиэнэ Евсей Доропуунабыс диэн уус киһи колхозка уһанара, тутууга улэлиирэ.Михаил сэриигэ барыан иннинэ Бороҕоҥҥо үп салаатыгар үлэлиирэ. Колхозка олорор дьонун көрөрө-хараанныыра. Кини булан аҕалбыт үүт астыыр сэппэрээтэрин уонна иистэнэр массыынатын туттаары алаас-урэх ыаллара кини дьонугар элбэхтик сылдьаллара.12.08.41 с. Чурапчы ОВК-нан ыҥырыллан сэриигэ барбыта. 1942 сыллаахха Москва анныгар өлбүт. Михаилтан соҕотох уол оҕо хаалбыта армияҕа сулууспалыы сылдьан оһолго өлбүтэ.
