Окоемов Иван Иванович (?-1943)
2 Курбуһах нэһилиэгэр Кэлтэгэй диэн алааска төрөөбүт. Танда оскуолатын 7 кылааһын бүтэрээт Дьокуускай куоракка финансовай техникумҥа үөрэнэ киирбит. Военкомат үлэһиттэрэ тэрийбит «Наша военная школа» диэн киэһээҥҥи куруһуоктарыгар 2 сыл туйгуннук үөрэнэн, Дмитрий Данилович Оллоновтуун Владивосток куоракка байыаннай училищеҕа салгыы үөрэнэ барбыттар.
2-с курсу бүтэрээри сырыттахтарына Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии саҕаланан курсаннары фроҥҥа ыыппыттар. Иван Иванович уонна Оллонов артиллерия взводун командирынан анаммыттар.
Кырыктаах кыргыһыыга аттыгар снаряд эстэн түөһүгэр улаханнык баа-һырбыт. Дивизия төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн нэдиэлэ устата бааһырбыт буойун госпитальга тиэрдиллибэтэх. Онон кэнники түөһүн иһэ ириҥэрэн операция оҥоһуллубакка эмтээһини эрэ барбыт. Старшай сержант Окоемов учебнай батальоҥҥа саҥа кэлбит саллааттары үөрэппит. Бу кэмҥэ Күннүк Уурастыырап баһылыктаах Саха сирин делегацията кэлэ сылдьыбыт. Иван Ивановичка соҕотох чаһы баарын улахан ытыс тыаһынан бэлэхтээбиттэр. Киниэхэ лейтенант званиетын биэрэргэ дьыала түһэриллибит.
Доруобуйата аһара мөлтөөн армияттан босхолонон дойдутугар төннөн кэлбит. «Табалаах» колхуостаахтарын үлэлэрин таабылын оҥорорго уонна сыллааҕы дохуоттарын үллэрэргэ партийнай сорудах ылбыт. Онтон салгыы 1943 сыллаахха эмиэ партийнай сорудаҕынан Бороҕоҥҥо ОСОАВИАХИМ диэн тэрилтэҕэ сыл аҥара үлэлээбит.
Ити сыл Танда Томторун ыһыаҕар колхозтаахтар анаан-минээн тэрийэннэр тэлиэгэлээх атынан илдьэ сылдьыбыттар. Онно олорон эрэн тыл эппит, ыһыаҕы уруйдаабыт. Сэриигэ ылбыт бааһыттан сотору өлбүт. Табалаах алааска көмүллүбүт.
