Страница 2 из 2
Вензель Александр Алексеевич
Аҕата Алексей Кузьмич төрүт Танда олохтооҕо. 1933 сыллаахха сэллик ыарыыттан өлбүт. Ийэтэ Мария Ефимовна II Курбуһах нэһилиэгиттэн төрүттээх, үчүгэй иистэнньэҥинэн биллэрэ, сааһын тухары «Кыһыл Танда» ыанньыксыта этэ.Александр Алексеевич колхозка үлэлии сылдьан 1942 сыллаахха Чурапчы ОВК-нан сэриигэ ынырыллыбыт. Ыал турук үлэһитэ суох хаалбыт. Быраата Андрей Алексеевич ахтарынан үгүстүк фронтан суруйара эбитэ үһү уонна 1943 с. сэриилэһэ сылдьан сураҕа суох сүттэ диэн биллэрии кэлбитин олохтоох сэбиэт үлэһиттэрэ ийэлэрэ наһаа ытыа-соҥуо диэн балай эмэ уһун кэмҥэ илдьэ сылдьан баран тиэрдибиттэр.
