Страница 2 из 2
1916 сыллаахха Тандаҕа төрөөбүт. Аҕата Уйбаан Былатыанап уонна ийэтэ II Байаҕатнай «Пятилетка» колхоһуттан төрүттээх Сүөкүлэ Софронова Хоту Нигилийэ (Дараҕа) үрэх халдьаайытыгар уһуннук олорбуттар. Айан дьоно тохтоон иттэн, чэйдээн ааһаллар эбит. Уоллара Илья аҕатын курдук үрдүк уҥуохтаах, хара бараан дьүһүннээҕэ, саҥалаах-иҥэлээх киһи мунньахтарга тыл этэрэ. 12.08.41 с. Чурапчы ОВК-нан Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллыбыт. 1943 сыллаахха сураҕа суох сүппүт.