Атласов Гаврил Семенович
1924 сыллаахха Өнөр нэһилиэгэр төрөөбүт. Кини иитиллибит дьоно – аҕата Семен Михайлович Атласов, ийэтэ Матрена Самсоновна Атласова – Дьуойу үрэххэ олохсуйбуттара. Бу ыалга кыһыл оҕо эрдэҕиттэн иитиллибит. Дьиҥнээх бииргэ төрөөбүтэ бокуонньук Матрена Михайловна Сергеева этэ. Бороҕоҥҥо үөрэнэн 7 кылаас үөрэхтэммит. Комсомол чилиэнэ. Чкалов аатынан колхозка үлэлии сылдьан Өнөр сэбиэтин секретарынан талыллан, сэриигэ барыар диэри үлэлээбит. Комсомольскай тэрилтэ секретарынан үлэлии сылдьыбыт. Кэргэннэммэтэх. Аҕа дойду сэриитигэр 1942 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр Николай Захарович Копыринныын бииргэ ыҥырыллан барбыт. «Память» кинигэҕэ суруллубутунан, 1943 сыл сааһыгар геройдуу өлбүт. Көмүллүбүт сирэ биллибэт. («Память» кинигэ III тома, 28 стр., А-542.)
