Страница 2 из 2
Михаил Васильевич Лукачевскай 1920 сыллаахха Өнөр нэһилиэгэр төрөөбүт. Кини Кэлэдимэҕэ олохтоох Бииккэ Өндөрөйтөн төрөөбүт уонна эмиэ Кэлэдимэҕэ олохтоох Ушницкай Андрей Николавичка иитиллибит. 1938 сыллаахха Бороҕоҥҥо МТС-ка киирэн бугалтер курсугар үөрэммит. «Кыһыл кыһа», кэлин Чкалов аатынан колхозка үлэлээбит. 1942 сыллаахха сайын сэриигэ бэбиэскэлэммит. Түөрт төгүл фронтан суруга кэлбит. Биир суругар пока бааһырбакка, этэҥҥэ Донбасс туһаайыытынан сэриилэһэ сылдьабын диэбит. Историяттан биллэххэ, ол сурук 1943 сыллаах саас диэки буолуон сөп. Кэлин сурук кэлбэтэх. 1944 ыллаахха муус устар 10 күнүгэр кыргыһыыга өлбүтүн туһунан дьонугар биллэрии кэлбит. Көмүллүбүт сирэ биллибэт
