Страница 2 из 2
ИННОКЕНТИЙ ВАСИЛЬЕВИЧ СЫРОВАТСКАЙ Өнөр нэһилиэгэр Тайҕараҕа 1920 сыллаахха төрөөбүт. Аҕата Василий Герасимович, ийэтэ Варвара Михайловна Сыроватскайдар – дьадаҥы олохтоох ыал. Төрөппүттэрэ эрдэ өлбүттэр. Иннокентий кыра үөрэхтээх. «Кыһыл кыһа» холкуоска киирбит. Кэлин Чкалов аатынан холкуос чилиэнэ буолбута. Сэриигэ 1942 сыллаахха Чурапчы военкоматынан ыҥырыллыбыт. «1943 сыллаахха сэриилэһэ сылдьан өлбүт» диэн «Память» кинигэҕэ суруллубут. Көмүллүбүт сирэ биллибэт. Кэргэнэ, оҕото суох. Балтыттан Мария Герасимовна Сыроватскаяттан биир уол баар – Иннокентий Васильевич Сыроватскай Майаҕас бөһүөлэгэр олорор, кэргэннээх, икки оҕолоох. («Память» кинигэ II тома, 175 стр., С-1996.)
