Страница 2 из 2
КОПЫРИН ИВАН ДМИТРИЕВИЧ (1925-1949)
1925 с. Өспөх нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Начальнай оскуоланы бүтэрбитэ. “Үүнэр күүс” колхозка чилиэнинэн киирэн, үлэлии-хамныы сылдьан, 1943 сыл от ыйын 2 күнүгэр армияҕа ыҥырыллан барбыта. 1944 с. дойдутугар эргиллэн кэлэн, ол сайын колхоһугар оттоспута.
Ол сырыттаҕына нэһилиэк маҕаһыыныгар атыылааччынан үлэлэтээри ыҥыртаран ылбыттара. Ыалдьан уурайыар диэри атыылааччылаабыта, 1949 с. өлбүтэ.
