Страница 2 из 2
ПОПОВ ИННОКЕНТИЙ СЕМЕНОВИЧ
1919 с. II Өспөх нэһилиэгэр Чаарыаска дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Соҕотох оҕо этэ.
Оскуолаҕа үөрэнэн 7 кылааһы бүтэрбитэ.
Орто бөдөҥ, кыайыылаах үлэһит, дьулубуой “Үүнэр күүс” колхозка суоччутунан үлэлии олорон 1942 с. бэс ыйын 23 күнүгэр Ийэ дойдутун көмүскэһэ барбыта уонна төрөөбүт түөлбэтигэр төннөр дьол тосхойботоҕо.
