Страница 2 из 2
РУМЯНЦЕВ АЛЕКСЕЙ ДМИТРИЕВИЧ (1917-1944)
1917 с. элбэх оҕолоох дьадаҥы ыалга Чагдаайы Элбэҕи диэн сиргэ бэһис оҕонон төрөөбүтэ.
Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт сэттэ бырааттыылартан төрдүстэрэ. Начальнай оскуоланы бүтэрэн баран, кыайан салгыы үөрэммэтэҕэ.
Кинигэни таптаан ааҕар, сайаҕас уолу бастаан колхоһугар суоччутунан, онтон кэлин маҕаһыын атыылааччытынан анаабыттара. Онно үлэлии сылдьан 1942 с. сайын армияҕа ыҥырыллан барбыта уонна дойдутугар эргиллибэтэҕэ. 23.06.42 с. армияБа убайа — Николайы, быраата Иннокентийы кытта бииргэ барбыта. 4-с мотострелковай биригээдэ рядовойа. 28.06.44 с.өлбүт. Белоруссия Могилевскай уобалаһыгар Староселы селоҕа көмүллүбүтүн
