Новости

2021 04 15 10 44 19 

1942 сыллаахха хос эһэм сааскы ыһыы кэнниттэн аармыйаҕа бэбиэскэнэн барбыта. Бурят-монгол сиригэр тиийэн саперынан үлэлээбитэ. Миинэни эһэ сылдьан, алҕас атаҕар улахан эчэйиини ылбыт. 1946 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлбит. Сэрии кэнниттэн сайын от оттооһунугар, кыһын от тиэйиитигэр сылдьыбыт. Кэнники пиэрмэҕэ бостууктаабыт. Үүт массыынатыгар үүт таһааччынан уонна икки кэнники сыл убаһа аһатыытыгар үлэлээбит. Хос эһэм 1953 сыллаахха ыал буолбута, үс уол оҕолоох. Мин хос эһэм Петр Алексеевич Танасов Японияны утары кыргыһыыга хорсуннук сэриилэспит буойун буолар. Элбэх мэтээллээх, махтал суруктардаах. Кини 27 мэтээлэ билигин Танда мусуойугар хараллан сыталлар. Мин хос эһэбинэн киэн туттабын! Хаһан да сэрии буолбатын!!! 

Намыына ТАНАСОВА, Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатын 4 “а” кылааһын үөрэнээччитэ.
Мүрү саһараҕата, кулут тутар 12 к. 2021 с.

 2021 04 15 10 33 46

Квантунскай аармыйа хас да тоһууру үлтүрүтэ сынньан испиттэрэ. Япония аармыйатын командованиета маннык үрдүк хайаны нөҥүө түһэн уонна кумах куйаарынан ханнык да бэйэлээх тиэхиньикэлээх, ханнык да аармыйа кыайан кэлэр кыаҕа суох диэн ааҕынан олорбуттар эбит. Атырдьах ыйын бүтэһигэр Япония квантунскай аармыйата өр сыллар усталарыгар күүскэ бөҕөргөтүммүт Чжанцзякоу (Калган) диэн улахан куораттарын “Хинганскай полк” подразделениета элбэх хаан тохтуулаах кыргыһыы кэнниттэн куораты ылбыта. Хас да хонон баран, Япония империалистара сэриигэ кыайтарбыттарын, капитуляция оҥоһуллубутун туһунан бирикээһи ааҕан билиһиннэрбиттэр. 1950 с. демобилизацияланан, төрөөбүт дойдутугар Бороҕоҥҥо эргиллэн кэлбит уонна Уус Алданнааҕы ИДьМ отделениетыгар милииссийэнэн үлэлии киирбитэ. 1976 с. капитан званиелаах биэнсийэҕэ тахсыбыта. Үс кыыстаах, 12 сиэннээх, хос сиэннэрдээх. Мин хос эһэм Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии II-с истиэпэннээх уордьанынан, “Японияны Кыайыы иһин” мэтээлинэн, И.В. Сталин махтал суругунан, о.д.а. үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн, ССРС “ИДьМ милиция туйгуна” бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Хос эһэм туһунан эбэм миэхэ олус элбэҕи кэпсиир. Мин кининэн киэн туттабын, эһэбит биһиэхэ куруук холобур буола туруо!

Наталья РУМЯНЦЕВА, Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатын 8 “а” кылааһын үөрэнээччитэ.

/Мүрү саһарҕата, кулун тутар 12 к. 2021 с.

 2021 04 15 10 11 41

 2021 04 15 10 12 16

Эhэм Мэхээлэ уон саастааҕар Дүпсүн 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбит . Үөрэнэ сылдьан хомсомуолга ылыллыбыт. Үөрэҕин бүтэрэн баран, Баатаҕайга "Биэттэ" холкуоска үөрэҕэ суох дьону икки ый устата ааҕарга, суруйарга, ахсааҥҥа үөрэппит. Онтон хомсомуол оройуоннааҕы кэмитиэтин ыйыытынан саҥа тэриллэн эрэр МТС-ка техсэкирэтээринэн уонна хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээринэн үлэлээбит. Эhиилигэр эмиэ хомсомуол дьаhалынан, Ис дьыала оройуоннааҕы отделын хомсомуол сэкирэтээринэн анаабыттар. Салгыы райЗАГС иниспиэктэринэн 1942 сыл олунньу 25 күнүгэр диэри үлэлээбит. Сэриигэ 1945 сыл алтынньыга диэри сулууспалаабыт. Cэрии устата эhэм 5 төгүл араанньы буолбут. 1944 сыллаахха балаҕан ыйын 3 күнүгэр Варшава Воеводствотын Круче-Борел дэриэбинэтигэр госпиталтан тахсан бэйэтин чааһыгар тиийээтин кытта: "Өстөөҕү штурмалааһыҥҥа барсаҕын", – диэбиттэр. Онно Нарев өрүс кытылыгар сытар өстөөхтөрү суох гынан, уҥуор баар дэриэбинэни ылыахтаахтара. Халлаан сырдыан иннинэ биэс танкаҕа 30 киһи өстөөх инники кирбиитин маҥнайгынан ылар соруктаах иннилэрин хоту ыстаннарбыттар. Бу киирсиигэ кэмэ суох элбэх киһи охтубута. Манна кыргыһыы киэнэ кытаанаҕа этэ, гранатанан сабыта бырахсыы, автоматынан тирэһэн туран ытыһыы, 27 киһи хаалан баран өстөөх оборонатын утары турбутунан киирбиттэр. Эһэбэр көмөҕө икки уолу ыыппыттар. Дьэ, онно арыый киһитийэн көрбүтэ өстөөхтөрбүтүттэн аҕыйахтара ордубут этэ. Уолаттарыгар "Эмискэ саба түһүөхтэрэ. Хараххытын кинилэртэн араарымаҥ", – диэн сүбэлии олордоҕуна уонча хаамыылаах сиртэн граната кыырайан кэлбитин хабан ылан, төттөрү бэйэлэригэр бырахпыт. Икки төгүл оннук хатыламмыт. Үсүһүн, ыстыыктаах киһи өрө сүүрэн кэлбитигэр уолаттартан бинтиэпкэлэри ылан утары ыстыыгынан көрсүбүт. Оннук чугастан сэриилэспиттэр. Итиннэ аармыйа командующайа П.И. Батов Дьоруой сулуһун оннугар Бойобуой Кыһыл Знамя уордьанын биэрэргэ диэн илии баттаабыт. Эһэм 1973 сыллаахха сэриилэспит аармыйатын көрсүһүүтүгэр ыҥырбыттарыгар бара сылдьыбыта. Онно аармыйа генералын Батовы сирэй көрсөн,Дьоруойга түһэриллибит наҕараада лииһин көрдөрбүтүгэр: "Бу дьыала билигин кыайан көннөрүллүбэт", – диэбит. "1944 сылга оҥоһуллубут хорсун быһыы иһин Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолара сөптөөх" диэн полк, дивизия, корпус хамандыырдара илии баттаабыттарын кэннэ аармыйа командующайа П.И. Батов тоҕо утарбытын билигин билбэппин. Эһэм киһи быһыытынан олус көнө, судургу, сэмэй, чиэһинэй, өрүү сырдыкка, саҥаҕа, үтүөҕэ тардыһар киһи этэ. Кини уопсай интэриэскэ, үлэҕэ-хамнаска сүрдээх болҕомтолоох, тулуурдаах, киһи балаһыанньатын, ис туругун өйдүүр саба кулаан салайбат, номоҕон, киэҥ киһи этэ. Эһэм үлэлиир сылларыгар Өнөр отделениета ордук чуолаан кини салайар звенота куруутун былаанын аһара толорон сылгынан, сүөһүнэн, Бочуотунай грамотанан, харчынан үгүстүк бириэмийэлэнэр этэ. Маны сэргэ эһэм М.М.Стрекаловскай улахан дьиэ кэргэн амарах аҕата этэ. Кэргэнэ Александра Михайловна, мин хос эбэбинээн нэһилиэккэ биир бастыҥ ытыктанар, дьон таптаан сылдьар, өрүү элбэх хоноһолоох, ыалдьыттаах ыал этилэр. Эһэм эбэбин олус ытыктыыра, киниэхэ өрүү болҕомтолоохтук сыһыаннаһара. 

Данил ЗАХАРОВ, Мүрү1 №-дээх орто оскуолатын 7 “а” кылааһын үөрэнээччитэ

/Мүрү саһарҕата, кулун тутар 12 к. 2021 с.

 

Аҕа дойдуну комүскээччилэр күннэрин көрсө «Бэтэрээн ыра санаата” бырайыакпытыгар, ытык дьоммутугар махталларын бэлиэтинэн уонна кинилэр ыра санаалара туоларыгар бэйэлэрин көмөлөрүнэн II Байаҕантай нэһилиэгин дьаһалтатын үлэһиттэрэ кыттыһаллар

2021 04 15 10 05 58

II Байаҕантай нэһилиэгиттэн эйэлээх олох иһин туруулаһа сэрии толоонугар 91 киһи аттаммыта. Онтон 52 киһи сэрии толоонугар олоҕун толук уурбута. Кыайыы-хотуу өрөгөйдөөх төннүбүт биир дойдулаахтара нэһилиэктэрэ чэчирии сайдарыгар үгүс кылааттарын киллэрбиттэрэ. Бу курдук хас биирдии киһи, нэһилиэк, дойду устуоруйатыгар сурукка тиһиллибит, тиһиллибэккэ да хаалбыт үгүс түгэннэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кэрэһиттэрэ буолаллар. Олох сокуонунан, аҕам саастаах биир дойдулаахтарбыт, ытык бэтэрээннэрбит сыллата аччаан иһэллэр. Онтон биһиги улууспутугар этэҥҥэ доруобайдык, оҕолорун-сиэннэрин кытта дьоллоохтук олорор үс бэтэрээннээхпитинэн киэн туттабыт. Кинилэргэ туохха да тэннэммэт, сыаналаммат хорсун быһыынан Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаан, ытык иэстэрин төлөөн, билиҥҥи сайдыылаах, эйэлээх олоххо сирдээбиттэригэр муҥура суох махталлаахпыт. Ытык дьоммут кэнчээри ыччакка хорсун быһыы, бүдүрүйбэт кытаанах санаа, күүс-уох үтүө холобурдара буолаллар. Түгэнинэн туһанан, ытык дьоммутун – сэрии бэтэрээннэрин Василий Ананьевич Васильевы, Петр Васильевич Бурцевы, Николай Николаевич Иванову Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. 

 Ольга ШЕПЕЛЕВА, /Мүрү саһарҕата, олунньу 19 к. 2021 с.

Кинилэр сүрэхпитигэр тыыннаахтар

Аҕыйах хонуктааҕыта батсаап ситимигэр 1941 сыллаахха Аҕа дойду сэриитигэр Уус Алдан оройуонуттан бастакы хомуурга ыҥырыллан баран эрээччилэр уопсай түспүт хаартыскалара тахсан киэҥ сэҥээриини ылла. Бу урукку өттүгэр ханна да биллибэтэх, бэчээттэммэтэх сэдэх хаартыска быйыл тахсыбыт “Сыҥаах Бороҕоттор” кинигэҕэ киллэ- риллибит. Онон бу хаартыс- каттан сэдиптээн устуоруйабыт кэрчигэ арыллан кэлэр. Хаартыскаҕа уопсайа 42 киһи баар. Онтон уоттаах сэриигэ атаарыллыбыта 37-лэр. Бу барбыттартан сурах быһыы- тынан үс эрэ киһи эргиллибит. Кинилэртэн биир киһи чопчу биллэр, иккис эрээк- кэ хаҥастан үһүс Курбуһах нэһилиэгиттэн ыҥырыллыбыт Дмитрий Федорович Аммосов олорор. Маны оҕолоро эмиэ бигэргэтэллэр. Онон бастакы хомуурга хас киһи ыҥырыллыбыта эмиэ биллэр курдук. Хаартыска көстөөтүн кытары Дмитрий Федорович уола Владимир Дмитриевич Аммосов төлөпүөннүү сыл- дьыбыта. Кини: "Аҕабыт 37 буолан барбыппыт, үс киһи эргиллэн кэлбиппит", — диэн кэпсиирэ диир. Бу дьон ааттарын билиҥҥитэ билбэппит. Дьиҥэр, оччотооҕуга кимнээх ыҥырыллан барбыттарын байыанкамаат испииһэгиттэн билиэххэ сөп. Ол эрээри, кинилэри дьүһүннэринэн билиэххэ наада. Кэм-кэр- дии ырааппыта бэрт, онон дьүһүннээн билэр да киһи аҕыйаабыта буолуо. Оччотугар эмиэ саһарбыт хаартыскалары бэрийэр наада быһыылаах. Баҕар ким эмит аймаҕын майгыннаппыт эбэтэр билбит буоллаҕына, урукку хаартыската баар буоллаҕына, онно тэҥнээн чопчулуура наада. Бу хаартыскаҕа көстөр дьоммут кимнээхтэрий? Дмитрий Федорович Аммосовы быһаардыбыт. Аны үөһэ, үһүс эрээккэ хаҥастан бэһис, оччотооҕу Сыҥаах нэһилиэгиттэн Хардыыттан төрүттээх Семен Михайлович Алексеев буоларын аймахтара этэллэр. Бу киһи Ржев кыргыһыытыгар охтубут. Онтон иккис эрээккэ уҥаттан бэһис, байыаннай таҥастаах дьон ортолоругар олорор БСК(б) П оройуоннааҕы кэмитиэтин үлэһитэ Георгий Гаврильевич Алексеев буоларын эттилэр. Кини атаарааччылар ааттарыттан тыл эппит эбит. Бу киһи кэлин сэриигэ барбыта дуу, барбатаҕа дуу биллибэт. Онон мин истибиппинэн, хаартыскаҕа түспүттэртэн үс киһи чопчуланна. Аны бу хаартыскаттан сэ- диптээн, биири чопчулуур наадата үөскээн кэллэ. Истэр- бит уонна сурулларын тухары Уус Алдаҥҥа сэриигэ бастакы улахан ынҥырыы 1941 сылла ахха атырдьах ыйыгар буолбута дэнэр. Оттон Дмитрий Федорович ыҥырыллар (призывной) киниискэтигэр 1941 сыл от ыйын 31 күнэ диэн суруллубутун туһунан уола Вла- димир Дмитриевич этэр. Ый бүтэһик күнэ буоларынан, баҕар, булкуйуохтарын да сөп. Эбэтэр ыҥырыллар пууҥҥа от ыйын 31 күнүгэр кэлэн бэлиэтэммит. Мантан сиэттэрдэххэ, бэбиэскэни тиэрдии от ыйыгар буоллаҕа. Онтон Кыһыл Кырдалга мустаннар атаарыллыылара атырдьах ыйа буолуон сөп. Хаартыска эмиэ атырдьах ыйынааҕы түһэрии буолуо. Ол аата фроҥҥа ыҥырыы от ыйыгар саҕаламмыт. Атырдьах ыйыгар атаар- быттар диэххэ сөп. Оччотугар бастакы хомуур атырдьах ыйыгар буолбакка, от ыйы- гар диирбит оруннаах буо- ларыгар тиийэр. Маны аны байыанкамаат докумуонун кытары тэҥнээн көрүөххэ наада. Киһи мунаарара элбэх. Хаартыскаҕа көстөр 37 киһи бары сэриигэ барбыттарын киһи аҕыйах диэбэт. Онтон атырдьах ыйыгар улахан хо- муур буолбута диэҥҥэ киһи санаата эмиэ хайдыах курдук. Байаҕантай нэһилиэгиттэн сэрии кыттыылааҕа Михаил Иванович Вензель 2009 сыл- лаахха тахсыбыт “Байаҕантай уонна байаҕантайдар” диэн кинигэҕэ киирбит ахтыытыгар маннык суруйбут: ”Онтон 1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр сидьиҥ өстөөх не- мецкэй фашистар биһиги сэбиэскэй сирбитигэр уоран сэриинэн саба түспүттэрэ... Биһиги “Кыттаайы” холкуостан атырдьах ыйын 13 күнүгэр 7 киһи бииргэ барбыппыт”. Нэһилиэк, холкуос аайыттан уончалыы киһини ыҥырбыт буоллахтарына чахчы улахан хомуур эбит. Ити курдук бу хаартыска бииртэн-биир кистэлэҥэ тахсан иһэр диэххэ сөп...

2021 04 15 09 34 09

“Хаартыскаҕа баар дьону барыларын кимнээх буолалларын чопчулуохха сөп дуо? Ону булар туһугар дьаныһан туран үлэлэһиэхтээхпит, бары көмөлөөн. Кэккэ уустуктар баар буолуохтара. Бастатан туран, хаартыскаҕа көстөрүнэн түөрт нуучча киһитэ баар. Кинилэри булар олох уустук буолуо дии саныыбын. Бука, оройуоннааҕы МТС-ка үлэлии кэлбит дьон буолуохтара. Арай олохтоох дьон буоллахтарына, аймахтара билиэхтэрин эмиэ сөп. Иккиһинэн, этэн аһарбытым курдук, бу 80-ча сыллааҕы хаартыска. Онон бу дьону билэр киһи лаппа аҕыйаатаҕа. Үсүһүнэн, ыҥырыллан барааччылар үгүстэрэ кэргэн ылбакка, оҕо-уруу хаалларбакка бардахтара. Ол иһин бастакы хомуурга барбыт уонна сураҕа суох сүппүт аймахтаахтар бу хаартысканы сыныйан көрөллөрө наада. Эрдэ ахтыбытым курдук, фроҥҥа барбыттар испииһэктэрэ баар буолуоҕа. Саамай сүрүнэ кинилэри дьүһүннээн билиэхпитин наада. Оччотугар улаханы ситиһиэ этибит. Таарыйа сураҕа суох сүппүттэрбитин эмиэ булуохпутун сөп.

 

Сэриини самнарбыта, үлэни туругурдубута

2021 04 15 09 37 31

Хаартыскаҕа көстөр дьонтон тыыннаах эргиллибит Дмитрий Федорович Аммосов чахчы дьоллоох олоҕу олорбута. Олоҕун аргыһынаани Пелагея Михайловналыын 69 сыл бииргэ буолбуттара. Кини 1917 сыллаахха Федор уонна Гликерья Аммосовтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ, 1937 сылтан хомсомуол, 1944 сылтан ССКП чилиэнэ этэ. Эдэр сааһыттан сытыы-хотуу буолан, салайар үлэҕэ сыһыарбыттара. Ол курдук 1937-1940 с.с. Сталин аатынан холкуоска пиэрмэ сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

Кини биллэрин курдук, Аҕа дойдуну көмүскүүр сэри- игэ 1941 сыллаахха от ыйын 31 күнүгэр ыҥырыллыбыт. Кыһыл Кырдалга сэриигэ барааччылары атаарар миитиҥҥэ атаарыллааччылар ааттарыттан кини тыл эппит. Фроҥҥа айаннаан иһэн Алтайскай кыраай Бийскэй куоратыгар үс ыйдаах байыаннай үөрэҕи барбыт. Онтон кыһыҥҥы бытархан тымныылаар түспүттэрин кэннэ сэриилэһэр аармый- аҕа Москва аттыгар Калинин куорат таһыгар тиийбит. Ол туһунан маннык ахтыбыт: ”Сэриигэ бастакы сүрэхтэ- ниим Великое диэн сэлиэнньэ таһыгар этэ. Хас биирдии саллаакка 10-нуу ботуруону уонна үс киһиэхэ биир сааны биэрбиттэрэ. Итиннэ өстөөх төгүрүктээһинигэр түбэһэн, улахан кыргыһыынан бэрт эрэйинэн төлөрүтэн тахсыбыппыт. Ити дьыл сүрдээх тымныы кыһын этэ. Ол эрээри мин саха, бытархан тымныыларга үөрүйэх буоламмын кулукубун, атаҕым таҥаһын куурдуна сылдьарым. Ол иһин кыһыны этэҥҥэ аһарбытым”. (Дьокуускай куорат “Өспөт пуолка” са- айтыттан). Дмитрий Федорович 1942 с. Старай Русса таһынааҕы кыргыһыыга бааһыран, икки ый госпитальга эмтэнэн баран Ильмень уонна Селигер күөллэр икки ардыларыгар Рамущево дэриэбинэ таһыгар кыргыһыыга илиитигэр ула- ханнык бааһыран Ярославль, Казань, Красноярскай куоратарынан эмтэнэн, хамыыһыйа быһаарыытынан иккис группалаах инбэлиит буолан дойдутугар эргиллибитэ. Төрөөбүт нэһилиэгэр төннөн кэлэн дьону кытта үлэҕэ, салайар-тэрийэр үлэҕэ уопсайа 57 сыл үлэлээбитэ. Мантан 42 сылын холкуос бэрэссэдээтэлинэн, отделе- ние управляющайынан, биригэдьииринэн, пиэрмэ сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Онтон саамай таһаарыылаахтык, дьон биһирэбилин ылбыт сыллара Курбуһах нэһилиэгин олохтоох Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит кэмэ буолар. Кини нэһилиэги 15 сыл салайбыта. Маннык үрдүк таһаарыылаах үлэтин иһин дойду саамай үрдүкү уордьанынан Ленин уордьанынан наҕараадаламмыта. Бойобуой сырыыларын иһин Кыһыл Сулус, Аҕа дойду сэриитэ I-кы истиэпэннээх уордьаннарынан, “Германияны кыайыы иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Дмитрий Федорович толору дьоллоох, дьоһун олоҕу олор- бута. Кэргэнинээн Пелагея Михайловналыын кыһыл көмүс (50 сыл) уонна бриллиантовай (60 сыл) сыбаай- баларын бэлиэтээбит биир сэдэх ыал буолаллар. Онтон быйаҥнаах (благодатный) сыбаайбаларыгар, 70 сыл ыал буолан олоруу үөрүүлээх түгэнигэр Пелагея Михай- ловна алта ыйынан кыайан тиийбэтэҕэ. Кинилэр тоҕус оҕону күн сирин көрдөрбүттэрэ. Онон сыдьааннара ыраахха тэнийдэ. Оҕолоро бары эбэ, эһэ буоланнар, 27 сиэни кытары 30-ча хос сиэн Дмитрий Федорович уонна Пелагея Михайловна Аммосовтары ааттата сылдьаллар. Бу буолбатах дуо, олох кэркөстүүтэ, ааты ааттатыы? Дмитрий Федорович уһун үйэлээх киһи этэ. Кини 2007 сыллаахха 90 сааһыгар күн сириттэн барбыта. Дмитрий Федорович сэ- риигэ атаарыллааччылар ааттарыттан тыл этэ туран: ”Өстөөҕү самнарыахпыт, кыайан-хотон төннөн кэлиэхпит!” диэн хайаан да эппитэ буолуо дии саныыбын. Ону чахчы толорон, дьоһуннук,

 
“Бастакы хомуурга ыҥырыллыбыттартан тыыннаах эргиллибит дьонтон биирдэстэрин туһунан кэпсээтэххэ итинник. Атын да билбит дьоҥҥутун хас сыллаахха төрөөбүттэрин, туох дьонноохторун, олохторун туһунан кылгастык суруйан эрэдээксийэҕэ ыытаргыт буоллар, көмөлөөммүт улахан үлэни оҥоруо этибит. Барыларын биллэрбит, ааттарын суруйан баран, баннер оҥорон хас Кыайыы күнүн аайы дьон көрүүтүгэр туруордарбыт төһөлөөх долгутуулаах, киэн туттуулаах буолуо этэй?
 Афанасий Копырин /Мүрү саһарҕата хаһыат, олунньу 19 к. 2021 с.

2021 04 15 09 00 14

Күнтэн күн Бэтэрээн ыра санаата» бырайыакпытын өйөөччүлэр үксүүллэриттэн үөрэбит. Бу нэдиэлэҕэ Бээрийэ нэһилиэгин (дьаһалта баһылыга П.В. Васильев) олохтоохторо – нэһилиэк дьаһалтатын үлэһиттэрэ, дьокутааттар сэбиэттэрэ, тэрилтэ салайааччылара бары биир санаанан сүүрбэччэ киһи бырайыакпытын салгыыллар. Хоро нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Алексей Алексеевич УШНИЦКАЙ “Улуус хаһыатын ааҕабыт!” аахсыйаны тута өйөөн, нэһи[1]лиэк үс бэтэрээнигэр, ытык дьонугар олохтоох почтанан хаһыакка суруттарда. Ол курдук, сэрии бэтэрээнэ Петр Васильевич Бурцевка, тыыл бэтэрээнэ Иван Семенович Аммосовка, үлэ бэтэрээнэ Антонина Николаевна Скороходкинаҕа быйыл улуус хаһыата дьиэлэригэр тиэрдиллэр буолла. Улуус хаһыатыгар сурутуу аахсыйата бу курдук "айаннаан", күн бүгүн Дүпсүн, Өнөр, Өспөх, Баатаҕай, Хоро нэһилиэктэрэ кыттыһан, хабыыта кэҥээн иһэрэ үөрдэр. Салгыы аахсыйаҕа Уһун Күөл бөһүөлэгэ кыттыһан, баһылык солбуйааччыта Дусиван Иванович Жирков сурутууну тэрийэр. Екатерина ЗАХАРОВА. а БЭЭРИЙЭЛЭР : "БЭТЭРЭЭН ЫРА САНААТА ТУОЛЛУН!" Хаһыат ааспыт нүөмэрдэригэр, биир бастакынан улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ И.И. Колодезников уонна II Лөгөй, Найахы нэһилиэгин салалталара, дьокутааттарын сэбиэттэрэ уопсайа 29 тыһыынча солкуо[1]байы бэтэрээннэрбит анал счеттарыгар ыыттылар. Итиэннэ биирдиилээн дьон кыттыһаллара хайҕаллаах. Ол курдук, билиҥҥи туругунан 34 тыһыынча солкуобай бэтэрээннэрбит счеттарыгар киирэн сытар. Үтүө бачыымы, бастыҥ холобуру батыһааччылар үксүү турдуннар!

Ольга ШЕПЕЛЕВА. /Мүрү саһарҕата, олунньу 12 к. 2021