Новости
Өлтөх нэһилиэгин Күөл Эбэ-Күөрээйи сириттэн-уотуттан төрүттээх "Кыһыл кэккэ" холкуос, Күөл Эбэ сайылык сүрүн суолталарын бэлиэтиир соруктаах, сүүрбэһис үйэ сэбиэскэй кэминээҕи ааттаах-суоллаах киэҥ араҥа көлүөнэ дьонугар аналлаах, үтүө тэрээһиннээх үлэнэн, бу нэһилиэккэ өйдөбүнньүк кинигэ тахсыбыта уонна пааматынньык турбута буолар. Аан дойдуну аймаабыт иэдээннээх сэрии иннинээҕи уонна сэрии кэминээҕи бириэмэҕэ олох олорон ааспыт дьон-сэргэ киэҥ ис хоһоонноох үлэтин, олоҕун дьаһаҕын сырдатар, сэрии алдьархайыттан дойдуну чөлүгэр түһэрии уонна атаҕар туруоруу, улууканнаах тутуллаах дойдуларын балысхан сайдыытыгар кыра холкуостарынан, сайылыктарынан бытанан олорбут нэһилиэк, эйэлээх олоҕу тутууга киллэрбит кылаатын кэрэһэлиир өйдөбүнньүк кинигэ, 2020 сыллаах үбүлүөйдээх Улуу Кыайыы 75 сылын үтүө бэлэхтээх көрсөр туһуттан, матырыйааллара толору хомуллан, 2019 сыл күһүнүгэр номнуо бэлэм буолан, бэчээт[1]тэнэн тахсан, 2020 сыл сааһыгар бүттүүн нэһилиэк үрдүнэн, үөрүүлээх быһыыга-майгыга сүрэхтэниитэ ыытыллыбыта.
"Кыһыл Кэккэттэн” силис тардан Өйдөбүнньүк кинигэни таһаарбыт, ол кинигэнэн пааматынньык туруорар[1]га кыым сахпыт дьонунан, нэһилиэк ытык-мааны, түс-бас дьоно Евдокия Винокурова, Мария Никонова, Иван Охлопков – Уйбаан Туймалыырап, Петр Охлопков буо[1]лаллар. Кинилэр иилээн-саҕалаан, матырыйааллары бэйэлэринэн хомуйан бэчээттэппит кинигэлэрин, сүдү суолталаах пааматынньык укулаатын быһыытынан ылынан, бу сиртэн-уоттан силис тардыылаах дьон-сэргэ, сыдьаан ыччат, бары биир санаанан өйөөтүлэр. Пааматынньык тутуутун Кыһыл Кэккэттэн төрүттээх СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Екатерина Аммосова оҥоһук маастара Владислав Бурцевтыын кэпсэппитин, ону сэргэ, бу пааматынньык тутуутугар Кыһыл Кэккэттэн төрүттээх удьуордартан харчы хомуурун, бэтэрээн бухгалтер Анастасия Михайловна Львова бэрт түргэн бириэмэ иһинэн тутатына, кыайа-хото быһаарбытын, дьон бары үөрэ-көтө кыттыспытын, биир ньыгыл буолуу үтүө холобурун, сурукка киллэрэн, бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол түмүгэр, холкуос, сайылык олохтоох сиригэр-уотугар, төрүт-уус дьоммут аатыгар сиэрдээх сүгүрүйүүбүт, тугунан да кэмнэммэт, күндү бэлэхпит быһыытынан, Күөл Эбэ диэн тимир аарка оҥоһуулаах паа[1]матынньык турбута. Онуоха Күөл Эбэ сайылыкка хороҕор муостааҕы иитэн үлэлии сылдьар Татьяна Иннокентьевна, Николай Николаевич Винокуровтар саха ыалдьытымсах үгэһинэн, тыһаҕас өлөрөн, бар-дьонноругар айах туппуттара. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы А.Н.Жирков уонна Кыһыл Кэккэттэн төрүттээхтэр түмсүүлэрин салайааччыта, СӨ боропсойуустарын Федерациятын бэрэссэдээтэлэ Н.Н. Дегтярев, нэһилиэк инники кэскилэ-ыччакка туһаайан, төрөөбүт нэһилиэктэрин устуоруйатын салгыы үөрэтэллэригэр, бу боччумнаах үтүө саҕалааһын инникилээх буолуоҕар баҕа санааларын хоту, билигин бу сиргэ-уокка кэлэн барар дьон, сылдьан-тохтоон ааһар, кэрэ дойду Күөл Эбэ-Күөрээйи историческай миэстэтэ буола, өйдөбүнньүк пааматынньык дьэндэйэн турар. Биир дойдулаах аймах-билэ дьон аатын уонна олоххо ситиһиитин көрдөрөр-кэпсиир 2019 сылга кинигэ таһаарыыта, 2020 сылга пааматынньык оҥотторуута курдук эриэ-дэхси ылбычча ситиһиллибэт сыралаах үлэнэн, Күөл Эбэ-Күөрээйи үүнэр-сайдар, төрүүр-ууһуур кэнчээри ыччатын иннигэр, бэйэтин дойдутун устуоруйатын билэригэр туруоруллубут өйдөбүнньүк пааматынньык, барыбыт кэскиллээх-ситиһиилээх олоҕун, дьолунан түстээтин, соргу-дугуй, хаан тамайар дойдум дьоно!
Борис ЛУГИНОВ – Борогонский., Мүрү саһарҕата хаһыат, «Мүрү саһарҕата» Олунньу 5 күнэ, 2021 сыл
Улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ И.И. Колодезников «Бэтэрээн ыра санаата» бырайыакпытыгар аан бастакынан кыттан, салгыы нэһилиэк дьокутааттарыгар ыҥырыы таһаарбытын, бэтэрээннэрбит биир дойдулаахтара өйөөтүлэр. Ол курдук, II Лөгөй нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга И.И. Троев бэрэссэдээтэллээх дьокутааттар сэбиэттэрэ: Ю.И. Троев, В.Н. Копырина, М.В. Неустроева, А.П. Васильева, Т.П. Васильева, А.И. Бурнашев, Н.В. Копырин, Н.П. Гоголева, итиэннэ баһылык солбуйааччыта А.А. Дегтярева бэтэрээннэр счеттарыгар 10 тыһыынча солкуобайы уктулар. Оттон Найахы нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга П.С. Сивцев, солбуйааччыта Е.В. Федоров, П.В. Румянцев бэрэссэдээтэллээх дьокутааттар сэбиэттэрэ: Е.Е. Рожина, К.Д. Румянцев, И.П. Румянцев, В.И. Рожина, В.В. Рожин, В.И. Румянцев, Т.Л. Васильева, И.П. Слепцова, Н.А. Фомин, Г.А. Чукрова 13 тыһыынча солкуобайы үтүө бачыымҥа киллэрдилэр.
Онтон үөһэ ааттаммыт Найахы, II Лөгөй нэһилиэгин үтүө-мааны дьоно-сэргэтэ сэрии бэтэрээнэ курдук ытык дьону кытта биир түөлбэҕэ олороллоруттан киэн тутталларын, кинилэр туохха да тэҥнэммэт хорсун быһыыларын, ол кэминээҕи аас-туор олоҕу туораан, күн бүгүҥҥэ диэри биһиги кэккэбитигэр үлэлээн-хамсаан, сүбэ-ама буолан тиийэн кэлбиттэригэр улахан махталлаахтарын этэллэр. Күндү дьоммут дьоллоохтук олороллорун туһугар биһиги ахсаабат кыһамньыбыт, көмөбүт, болҕомтобут туохтааҕар да күндү уонна эбээһинэспит буоларын өссө төгүл бигэргэтэллэр. Уонна хаһыат бэтэрээн ыра санаатын толорор баҕалаах бырайыагын биллэрбитигэр, үөрүүнэн кытталларын, толору өйүүллэрин үллэстэллэр. Онон үтүө саҕалааһыммыт бастакы өйөөччүлэрин булбутунан олуһун үөрэбит, махтанабыт. Бу нэһилиэктэр үтүө холобурдарын батыһан, салгыы улууспут атын нэһилиэктэрин дьокуутааттара, салалталара, тэрилтэлэр, олохтоохтор түмсэннэр өйүөхтэрэ диэн эрэнэбит. Бэтэрээннэргэ көмөнү "Россельхозбаан" 4353 0300 5888 1329 №-дээх каартатыгар хайа баҕарар баан каартатыттан ыытыахха сөп. Сиһилии 8-967-926-86-48 нүөмэргэ эрийэн билсиҥ.
Ольга ШЕПЕЛЕВА., Мүрү саһарҕата хаһыат. Олунньу 5 күнэ, 2021 с
“БЭТЭРЭЭН ЭТЭРЭЭН ЫРА САНААТА” бырайыагы Иван Иванович КОЛОДЕЗНИКОВ саҕалаата
Улуус дьокутааттарын Мунньаҕын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Иванович КОЛОДЕЗНИКОВ: “Ааспыт сылга төһө даҕаны пандемия усулуобуйата турдар, Улуу Кыайыы 75 үбүлүөйдээх сылынан былааҥҥа ылыллыбыт бары тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол эрээри, бу үбүлүөйү[1]нэн тохтоон хаалбакка, биһиги бэтэрээн[1]нэрбитигэр болҕомтобут тохтоон хаалыа суохтаах. Күннэтэ аҕа саастаах дьоммут аҕыйаан иһэллэр, онон кэлэр көлүөнэҕэ ки[1]нилэр бойобуой суолларын, Улуу Кыайыы[1]ларын туһунан өйдөбүлү хаалларар ытык иэстээхпит. Улуустааҕы “Мүрү саһарҕата” хаһыат федеральнай таһымҥа ыытылла турар “Бэ[1]тэрээн ыра санаата” бырайыагы кыттыһан ыытыахха диэн биһиэхэ этиилээх киирби[1]тин, өйөөн, кыттыһан, улууспутугар про[1]пискалаах икки сэрии бэтэрээнин Тулуна бөһүөлэгэр олорор Василий Ананьевич ВА[1]СИЛЬЕВ, Найахыга олорор Николай Ни[1]колаевич ИВАНОВ ыра санаалара олоххо киирэригэр үлэлэһиэҕиҥ диэн ыҥырабын. Бэтэрээннэр ыра санааларын “Мүрү саһарҕата” хаһыат эрэдээксийэтэ бэтэрээн[1]нэри, дьоннорун, оҕолорун кытары кэпсэ[1]тэн, былааннаан олороллор. Мин, маҥнай[1]гы саҕалааччы буоларым быһыытынан, бу бырайыакка кыттыһан, икки сэрии бэ[1]тэрээнин ыра санаатын туоларын туһугар 3 тыһыынча солкуобайы хас биирдиилэригэр анал счеттарыгар угарбын биллэрэбин. Салгыы бырайыагы улуус, нэһилиэк дьо[1]кутааттарыгар ыытабын итиэннэ улууспут олохтоохторо, тэрилтэлэрэ, эдэр ыччата бу бырайыакка кыттан, Ытык дьоммут баҕа[1]лара олоххо киирэригэр бэйэлэрин бачыым[1]нарын киллэрэн төһүү күүс буолуохтара, өйүөхтэрэ диэн эрэнэбин”.
«Бэтэрээн ыра санаата» саҥа бырайыакпыт бүгүҥҥүт[1]тэн бастакы бачыыма угулунна. Бастакынан, бу ыҥы[1]рыыны улуустааҕы дьокутааттар сэбиэттэрин бэрэс[1]сэдээтэлэ Иван Иванович КОЛОДЕЗНИКОВ ылынан, сэрии бэтэрээнэ Василий Ананьевич ВАСИЛЬЕВ, Николай Николаевич ИВАНОВ ыра санаалара олоххо киирэригэр 3000 солк. хас биирдиилэригэр укта. Бу бырайыакпыт эйэлээх олоҕу аҕалбыт сэрии бэ[1]тэрээннэригэр махтанан, кинилэр биир ыра санааларын толорор, олоххо киллэрэр туһугар толкуйданна. Биһиги дьоруойдарбыт – ытык кырдьаҕастарбыт, сэрии бэтэрээннэрэ төһө да оҕолорун, сиэннэ[1]рин көрүүтүгэр киирдэллэр, бэйэлэрэ сүрэхтэри[1]гэр-быардарыгар, санааларыгар-оноолоругар илдьэ сылдьар ыра санаалаахтар. Ол ыра санаалара – дьиэ[1]лэрин-уоттарын тупсарыныы. Кырдьык, ханнык киһи кырдьар сааһыгар нус-хас толору хааччыллыы[1]лаах дьиэҕэ олоруон баҕарбата буолуой? Бырайыакка бүгүҥҥү күҥҥэ, бэтэрээннэрбит тус бэйэлэрин ааттарыгар анал счет арылынна. Кинилэр баҕа санаалара туоларыгар бүттүүн көмөлөөн, бэйэ[1]бит кылааппытын киллэриэҕиҥ диэн "Бэтэрээн ыра санаата" бырайыакка кыттыһаргытыгар ыҥыра[1]быт. Улууспут олохтоохторо бүттүүн түмсэн, үтүө саҕалааһыны өйүөхтэрэ, бэтэрээннэрбит олохторо[1]дьаһахтара тупсарыгар кылааттарын киллэрсиэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпит.
Ольга ШЕПЕЛЕВА. /Мүрү саһарҕата хаһыат тохсунньу 29 күнэ 2021 с.
“БЭТЭРЭЭН ЭТЭРЭЭН ЫРА САНААТА” (“Мечта ветерана ветерана”) бырайыак саҕаланна!
Күндү ааҕааччыларбыт! Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэриттэн «Бэтэрээн ыра санаата» диэн саҥа бырайыак үлэтин саҕа лыыр. Иллээх-эйэлээх, дьоллоох олох иһин доруобуйаларын кэрэйбэккэ, олохторун да толук ууран туран, фашизмы утары Аҕа дойду сэриитигэр кыргыспыт биир дойдулаах тарбыт сыллата аҕыйаан иһэллэр. Билигин улууспутугар ытык бэтэрээннэрбит үһүөлэр. Кинилэргэ сүһүөхтээх бэ йэбит сүгүрүйэн туран, ханнык да тылларынан кыайан эппэт муҥура суох махталлаахпыт. Саҥа бырайыакпыт күндү дьоммутугар махталбыт бэлиэтинэн буолла. Хас биирдии киһи ыра санаалаах. Ыра санаа кыра даҕаны, улахан да буоллун, туоллаҕына, киһи санаа лыын чэпчиир, дуоһуйар. Ол курдук, биһиги эрэдээк сийэбит ытык бэтэрээннэрбит биир, ол эрэн олус суолталаах баҕа санааларын толорор сыаллаах быра йыагы саҕалыыр. Крым олохтооҕо Ярослав Селютин диэн үтүө санаа лаах ыччат «Мечта ветерана» диэн олус көдьүүстээх, бэтэрээн баҕа санаатын толорорго туһуламмыт Арас сыыйаҕа анал бырайыагы толкуйдаан, онно анаан сайт арыйан үлэлэтэр. Кини бу сайтыгар дойдубут араас муннуктарыттан бэтэрээннэр ыра санааларын толороиһин анал счетка ким төһөнү ыытарынан үп хомуйар. Ярослав Селютин ол үлэтин бүүс-бүтүннүү сайтыгар отчуоттуур, көрдөрөр. Кини үгүстүк сэрии бэтэрээннэ рин кытта алтыспыт, көмөлөспүт уол эбит. Араас киһи араас кыһалҕалаахтык олорорун көрөн, саатар биир тү гэҥҥэ көмөлөһөр санаа ылыммыт. Онно биһиги эмиэ кыттыһабыт уонна биир дойдулаахтарбытын бу ылым мыт бырайыакпытын өйүүргүтүгэр, күүс-көмө буолар гытыгар ыҥырабыт. Биһиги бырайыакпыт чэрчитинэн, баҕа санааларынан кыттыспыт сэрии бэтэрээннэригэр II Лөгөй олохтооҕор Василий Ананьевич ВАСИЛЬЕВКА уонна Найахы нэһилиэгин олохтооҕор Николай Нико лаевич ИВАНОВКА олохторо-дьаһахтара тупсарыгар туһуламмыт көмөҕө үлэлэһиэхпит. Бу көмөбүт чэрчи тинэн, киирбит үп барыта отчуоттанарыттан саҕалаан, ыра санаа туолуор диэри биһиги эрэдээксийэбит ону хонтуруоллуур, ааҕааччыларбытыгар сырдатар сорукта ахпыт. Эйэлээх олоҕу бэлэхтээн, оччоттон баччаҕа диэ ри үүнэ-сайда олорор суолбутун тэлбит ытык бэтэрээн нэрбит биир ыра санаалара туолан, үөрүүнэн туолбут харахтарын көрөр баҕабыт олоххо киирдин!
Ольга ШЕПЕЛЕВА. Мүрү саһарҕата, тохсунньу 22 күнэ 2021 с.
Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэриттэн «Бэтэрээн ыра санаата» диэн саҥа бырайыак үлэтин саҕалыыр. Иллээх-эйэлээх, дьоллоох олох иһин доруобуйаларын кэрэйбэккэ, олохторун да толук ууран туран, фашизмы утары Аҕа дойду сэриитигэр кыргыспыт биир дойдулаахтарбыт сыллата аҕыйаан иһэллэр. Билигин улууспутугар ытык бэтэрээннэрбит үһүөлэр. Кинилэргэ сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран, ханнык да тылларынан кыайан эппэт муҥура суох махталлаахпыт. Саҥа бырайыакпыт күндү дьоммутугар махталбыт бэлиэтинэн буолла.
Хас биирдии киһи ыра санаалаах. Ыра санаа кыра даҕаны, улахан да буоллун, туоллаҕына, киһи санаалыын чэпчиир, дуоһуйар. Ол курдук, биһиги эрэдээксийэбит ытык бэтэрээннэрбит биир, ол эрэн олус суолталаах баҕа санааларын толорор сыаллаах бырайыагы саҕалыыр.
Крым олохтооҕо Ярослав Селютин диэн үтүө санаалаах ыччат «Мечта ветерана» диэн олус көдьүүстээх, бэтэрээн баҕа санаатын толорорго туһуламмыт Арассыыйаҕа анал бырайыагы толкуйдаан, онно анаан сайт арыйан үлэлэтэр. Кини бу сайтыгар дойдубут араас муннуктарыттан бэтэрээннэр ыра санааларын толорор иһин анал счетка ким төһөнү ыытарынан үп хомуйар. Ярослав Селютин ол үлэтин бүүс-бүтүннүү сайтыгар отчуоттуур, көрдөрөр. Кини үгүстүк сэрии бэтэрээннэрин кытта алтыспыт, көмөлөспүт уол эбит. Араас киһи араас кыһалҕалаахтык олорорун көрөн, саатар биир түгэҥҥэ көмөлөһөр санаа ылыммыт. Онно биһиги эмиэ кыттыһабыт уонна биир дойдулаахтарбытын бу ылыммыт бырайыакпытын өйүүргүтүгэр, күүс-көмө буоларгытыгар ыҥырабыт. Биһиги бырайыакпыт чэрчитинэн, баҕа санааларынан кыттыспыт сэрии бэтэрээннэригэр II Лөгөй олохтооҕор Василий Ананьевич ВАСИЛЬЕВКА уонна Найахы нэһилиэгин олохтооҕор Николай Николаевич ИВАНОВКА олохторо-дьаһахтара тупсарыгар туһуламмыт көмөҕө үлэлэһиэхпит. Бу көмөбүт чэрчитинэн, киирбит үп барыта отчуоттанарыттан саҕалаан, ыра санаа туолуор диэри биһиги эрэдээксийэбит ону хонтуруоллуур, ааҕааччыларбытыгар сырдатар соруктаахпыт. Эйэлээх олоҕу бэлэхтээн, оччоттон баччаҕа диэри үүнэ-сайда олорор суолбутун тэлбит ытык бэтэрээннэрбит биир ыра санаалара туолан, үөрүүнэн туолбут харахтарын көрөр баҕабыт олоххо киирдин!
Ольга ШЕПЕЛЕВА.
@muru.sahargata
Михаил Михайлович родился 4 февраля 1914 года в 1 Оспехском наслеге Усть-Алданского улуса. В декабре 1941 года был призван в ряды Красной Армии. С 20 марта 1942 года находился в действующей армии, воевал в составе Центрального и 1-го Белорусского фронтов. Участвовал в Курской битве, битве за Днепр, освобождении Белоруссии, Польши, Восточной Пруссии. В боях с немецко-фашистскими захватчиками был ранен четыре раза, в том числе дважды — тяжело.
Подвиг.
8 сентября 1944 года Михаил Стрекаловский был представлен к званию Героя Советского Союза. Из наградного листа, подписанного командиром 120-го стрелкового полка:
5 сентября 1944 года в боях за овладение плацдармом на западном берегу Нарева у населённого пункта Круче-Борек Варшавского воеводства Пултуского повята первый переправился на западный берег реки и получив задание любой ценой удержаться на занятом рубеже 20 часов находился на самом ответственном участке боя и несмотря на сильный огонь противника огнём своей винтовки отразил все попытки врага уничтожив 19 немецких солдат и ни шагу не отойдя назад.
Когда закончились боеприпасы, отбивался от противника его же ручными гранатами подобранными тут же на поле боя. Был ранен, но не ушел с поля боя и своим героизмом, воодушевляя бойцов, продолжал отражать атаки. Был ранен вторично во время рукопашной схватки но и потеряв возможность драться с поля боя не ушел и перезаряжал диски своих товарищей.
Своим героизмом обеспечил выполнение задачи поставленной перед батальоном по закреплению крайне важного плацдарма.
Достоин присвоения звания "ГЕРОЙ СОВЕТСКОГО СОЮЗА".
В заключении наградного листа 11 сентября 1944 года была поставлена виза командира 18 стрелкового корпуса, Героя Советского Союза, генерал-майора И. И. Иванова: «Достоин присвоения звания Герой Советского Союза». Но, по неизвестным причинам, в заключении Военного Совета Армии виза от 17 сентября 1944 года «Достоин присвоения звания Герой Советского Союза» позднее (24 сентября) была исправлена на «Наградить орденом Красного Знамени».
а подвиг, совершённый на западном берегу Нарева, М. М. Стрекаловский был награждён орденом Красного Знамени.
Бой на берегу Нарева стал последним для рядового Стрекаловского. После госпиталей по состоянию здоровья он был демобилизован из рядов Красной Армии.
Звание Героя Михаилу Михайловичу было присвоено только спустя полвека, посмертно. Является первым жителем Якутии, которому присвоено звание Героя Российской Федерации.
Имя Героя Российской Федерации М. М. Стрекаловского присвоено Онёрской средней школе, улицам в городе Якутске, селе Борогонцы. В селе Борогонцы , где много лет жил Герой, на Аллее Героев установлен его бюст.
.
Источник: Википедия.
.
Фотографии из семейного архива М.М.Стрекаловского
Пресс-служба Администрации Усть-Алданского улуса.
Страница 6 из 15