Оспёхский наслег


  1916 с. Нам оройуонун Арбын нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1932 с. колхозтаах. Саха национальнай байыаннай оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан 1941 с. Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Армияттан 1944 с. дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. 1966 сыллаахха дойдутугар Дыгдаалга оһолго өлбүтэ. 


 1905 с. төрөөбүтэ. Чкалов аатынан колхозка сылгы ферматыгар сэбиэдиссэйинэн сылдьан, 1941 с. сэриигэ барбыта. 1943 с. илиитигэр бааһыран хас да бойобуой мэтээллээх дойдутугар эргиллибитэ. Кэлин "1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин" мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Сэрииттэн кэлээт, урукку үлэтигэр үлэлээбитэ. Быыһыгар бултаан ферма үлэһиттэрин, чугастааҕы ыалларын, аймахтарын хоргуйууттан быыһаабыта. Григорий Дмитриевич 1959 с. өлбүтэ.


1901 с. II Өспөх нэһилиэгэр Чагдаайыга Элбэҕи диэн сиргэ дьадаҥы ыалга тоҕус оҕоттон бастакынан төрөөбүтэ. Оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ. Сытыы-хотуу, көрдөөх-нардаах, сүрэхтээх үлэһит киһи этэ. Колхоз тэриллиэҕиттэн чилиэнинэн киирэн, актыыбынайдык үлэлээбитэ. Үчүгэй куоластаах, айылҕатган талааннаах Ньукулайы дьоно-сэргэтэ “Ойуунускай Ньукулай” диэн ааттыыллара. Олоҥхоһукка түбэстэҕинэ олоҥхолоһор, ырыаһыкка түбэстэҕинэ ыллаһар эбит.

Ардыгар Алдан өрүһү оҥочонон туоруулларыгар, тыал түһэн дьоннор уолуйаары гыннахтарына, “Ойуунускайдарын” ыллатан, кутталларын умнан, саталлаах куормаһыттар, кыайыылаах эрдииһиттэр уонна ырыа алыбын көмөлөрүнэн этэҥҥэ буолан иһэллэрэ үһү. Ньукулай колхоһугар биригэдьиирдэһэ сылдьан, 1942 с. бэс ыйын 23 күнүгэр бырааттара Алексейы уонна Иннокентийы кытта армияҕа бииргэ баартара. 1943 с. кыргыс толоонугар охтубута.


1921 с. II Өспөх нэһилиэгин Чагдаайытыгар Элбэҕи диэн сиргэ элбэх оҕолоох дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Дьарамай, намчы да буоллар, сүрдээх сытыы уолчаан Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт сэттэ бииргэ төрөөбүттэртэн алтыс уол этэ. Кини 1942 с. бэс ыйын 23 күнүгэр убайдара Николайы уонна Алексейы кытта бииргэ Ийэ дойдутун көмүскэһэ барбыта уонна төрөөбүт дойдутугар төннүбэтэҕэ. 


1911 с. II Өспөх нэһилиэгэр Чагдаайыга Элбэҕи диэн сиргэ элбэх оҕолоох дьадаҥы ыал төрдүс оҕолоро этэ. Егор Дмитриевич I бииргэ төрөөбүт быраата. Оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ.
Румянцев Дмитрий Дмитриевич I, Румянцева Татьяна Семеновна диэн оҕото суох аймахтара ыалга иитиллибитэ. Онтон ол дьон биир уол оҕоломмуттара.
Егор колхоз ханнык баҕарар үлэтигэр улгумнук ылсан үлэлиирэ.
1943 с. сайын убайын Николай уонна икки бырааттарын суолларынан армияҕа барбыта уонна 1945 сыллааххадиэри сулууспалаан дойдутугар эргиллибитэ. Ыарыһах буолан тохтуор диэри, үлэттэн илиитин араарбатаҕа. 1975 с. Балыктаах сэлиэнньэтигэр өлбүтэ. 


1902 с. II Өспөх Чагдаайытыгар Элбэҕи диэн сиргэ тоҕус оҕолоох дьадаҥы ыалга иккис оҕонон төрөөбүтэ. Үөрэҕэ суох.
1929 с. Чагдаайыга поселковай табаарыстыбаны 11 хаһаайыстыба кыттыһан, аан маҥнай тэрийбиттэрэ. Онон үргүлдьү “Чагдаайы” к-з чилиэнэ буолбута. Ханнык баҕарар үлэттэн хаалсыбат, дьулуурдаах буолан биригэдьиирдии, звеноводтуу сылдьыбыт.
1944 с. армияҕа ыҥырыллан, 127-с мотострелковай полк противотанковай ротатыгар оружейнигынан сулууспалаабыт.
1946 с. дойдутугар төннөн кэлэн, колхоһугар араас үлэҕэ сылдьыбыта. Кэлин дьоҕурдаах сылгыһыт, толлугаһа суох аты айааһааччы быһыытынан биллэрэ. Иллэҥ кэмигэр кыраҕы харахтаах, оноҕойдоох сааһыт быһыытынан эмиэ биллэрэ. Ол курдук от быыһыгар сырсар улардары көреө охсон, тэһитэ ытыалыырынан, өрүс ноҥүө кумахха хаамсар дьону таҥастарын дьүһүннэрин көрөрүнэн сөхтөрөрө үһү. 1966 с. өлбүтэ. Уҥуоҕа Найахыга Будур кылабыыһатыгар сытар.
Кэргэнэ - Агафья Иннокентьевналыын төрөппүт сэттэ оҕолоро уонна 20-чэ сиэннэрэ, хос сиэннэрэ үлэ үөһүгэр сылдьаллар.