Оспёхский 1-й наслег
Сивцев Иван Афанасьевич
I Өспех нэһилиэгиттэн төрүттээх. Дьокуускай куоракка үөрэммитэ. 1919 сыллаахха кини көҕүлээһининэн нэһилиэккэ начальнай оскуола аһыллыбыта, онно бэйэтэ учууталынан үлэлээбитэ. Гражданскай сэрии кэнниттэн эргиэн үлэһиттэрин үрдүкү курстарын үөрэнэн бүтэрбитэ. “Холбоско” старшай ревизорунан үлэлээбитэ. 1934 сыллаахха дьиэ-кэргэттэрин илдьэ Дьокуускайтан көһөн, Ленинград куоракка олорбута, эргиэн систематыгар үлэлээбитэ. Ленинград блокадатын кэмигэр өлбүт.
Макаров Иван Андреевич (1915-1943)
1915 с. I Өспөх Уһун-Күөлгэ төрөөбүт. 1941 с. Чурапчы райвоенкоматынан ыҥырыллан сэриигэ барбыт. 1943 с. Курскай уобалас Зеленая Роща диэн сиргэ өлбүт.
Макаров Николай Андреевич (1918-1970)
1918 с. I Өспөх нэһилиэгэр Бөрөлөөххө дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүт. Кыра сааһыгар хотон ис-тас үлэтигэр, от мас тиэйиитигэр сылдьыбыт. Советскай былаас олохтоммутугар дьоно колхозка киирэн aaҕapгa, суруйарга үөрэммит. Стрекаловская Анна Семеновналыын холбоһон 8 оҕолонон олорон иһэн, сэрии саҕаланан, 1941 с. Чурапчы райвоенкоматынан бэбиэскэ тутан Aҕa дойду сэриитигэр барбыт. 1943 с. Харьков куораты ылыыга сэриилэспит, атаҕар бааһыран санчааска эмтэммит, бааһырыыта улахан буолан дойдутугар 1946 сыл эргиллибит.
Дойдутугар кэлээт да атаҕа арыый буоларын кытта колхозка улэлээбитинэн барбыта.Сайын от-бурдук үлэтэ, күһүн кыстык бэлэмэ.
1946 с. Уус-Алдан оройуонун партия райкомун дьаһалынан Суоттуга колхоз председателинэн ананар. Кэлин Уһун-Күөлгэ кэлэн колхозка араас үлэлэргэ үлэлээн пенсияҕа тахсыбыта. Николай Андреевич 1970 с. өлбут. Биир уол, икки кыыс оҕолордоох. Кыыһа Уварова Ф.Д. Дьокуускай куоракка олорор.
Копырин Константин Николаевич (1926-2003)
1926 сыллаахха I Өспөх нэһилиэгэр «Кыһыл сардаҥа» артыалга дьадаҥы колхозтаах бааһынай дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Эрдэ тулаайах хаалан таайыгар иитиллибитэ. 1935 сылтан оҕус сиэтэн, окко сылдьан колхоз ис- тас үлэтигэр оҕо сааһыттан сылдьыбыта.
1937 с. Дүпсүн начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ, 1940 с. бүтэрэр. 1941 с. сут- кураан буолан Копырин К.Н. Кэбээйи II Ситтэтигэр cүөһү көрө тахсар, кыһын бултуур.
1944 с. илин фроҥҥа ыҥырыллан барар. 1944с балаҕан ыйын 11 к. 386-с Забалькайскай стрелковай полкаҕа сулууспалыыр. 1945 с. 36 Забалькайскай армия 210-с дивизиятын 649 стрелковай полкатыгар киирэн Хинган хайатын туораан Гоби кумах куйаарын, Аргунь өрүһү уҥуордаан Хайлар куораты сэриилээн босхолоһор. Бу сэриилэһэ сырыттахтарына Япония кыайтаран сэриилэһэн бүтэллэр.
1946 с. техническай авиационнай 145-с полкаҕа сулууспатын салгыыр. 1947 -1950 сс. 62589 байыаннай чааска сулууспалаан дойдутугар 1950 сыллаахха эргиллэн кэлэр. «Японияны кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаланар, кэлин 1985 сыллаахха Аҕа дойду сэриитин II степенэ орденынан наҕараадаланар. Сэриигэ кыттыыга үтүөлэрин илин Советскай Армия 30, 60, 70 сылларынан, Кыайыы 20, 30, 40, 50 сылларынан Жуков мэтээлинэн, Фронтовик бэлиэтинэн, «Революция 80 сыла», үлэ ветерана мэтээллэринэн набараадаламмыта.
Армияттан кэлээт, эйэлээх олох үөһүгэр ылсыбытынан улэлээн барар. Лыткина Мария Емельяновналыын ыал буолан 6 оҕону төрөтөн, үс уол, үс кыыс оҕолору улаатыннаран олох киэҥ аартыгар уктэннэрбиттэрэ. Колхозка араас үлэлэргэ үлэлээбит. Суоппар куурсун бутэрэн бастаан Ленин аатынан онтон Партизан Заболоцкай аатынан колхозтарга, Уһун-Күөл отделениетыгар уопсайа 20-н тахса сыл суоппардаабыт.
1973 с.улаханнык ыалдьан инвалид буолар, ол да буоллар сайынын оҕо үлэ-сынньалаҥ лааҕырын салайыыга, оттуур звеноларга өйүө таһыытыгар, кыһынын араас үлэлэргэ күүһэ кыайарынан илиитин араарбакка 1986 сылга диэри үлэлээбитэ. 2003 сылга эмискэ олохтон өлөн туораабыта. Билигин Копырин К.Н. олоҕун 5 оҕото, 8 сиэннэрэ салгыыллар. Оҕолоро Лөгөй нэһилиэгин Кэптэнитигэр, Бороҕоҥҥо, Чурапчыга олороллор.
Иосифов Егор Николаевич (1923-993)
1923 с. I Өспөх нэһилиэгэр төрөөбүт, 1943 с. сэриигэ барбыт, Японияны утары сэриигэ кыттыбыт, 1946 с. сэрииттэн кэлбит. Колхозка, совхозка бухгалтердаабыт. 1993 с. өлбүт.
Лыткин Варфоломей Александрович (1910-1972)
Лыткин Варфоломей Александрович I Өспөх нэһилиэгэр 1910 с. дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Дьонун өтөхтөрө Нэмиги алаас үрдүгэр баар. Дьонноро дьадаҥы буоланнар кыайан үөрэммэтэх. Сэриигэ барыан иннинэ холкуоска хара улэҕэ сылдьыбыта. Алдан көмүһүн үлэтигэр үлэлээн ыстахаанабыс аатын ылан кэлбит.
1941с. - ЯОГВК-н бэбиэскэ тутан Кыһыл Армия кэккэтигэр сулууспалыы барбыт. Илин Япония сэриитигэр кыттыыны ылбыт.
1946 с. сэрииттэн дойдутугар эргиллэн кэлбит. Кэлээт да колхоз араас улэтин үөһүгэр түспүтэ. Александра диэн кыыһы кэргэн ылбыт, oҕoлopo суох. Уһун-Күөл улахан тутууларын маастардаан туттарбыта. Колхоз управлениетын чилиэнинэн, Өнөр Ленин аатынан, I Лөгөй, Партизан Заболоцкай атынан колхозка завхоһунан, үрдүк үүнүү звеноводунан улэлээн сиэмэ бөҕө үүнэрин ситиспитэ. Партизан Заболоцкай аатынан совхоз парткомун чилиэнинэн талыллан улэлээбитэ. Сэрииттэн Кыһыл сулус орденнаах, “Германияны кыайыы иһин”, «Японияны кыайыы иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллэрдээх эргиллибитэ. «В.И Ленин төрөөбүтэ 100 сыла туолуутун бэлиэтээн, “Килбиэннээх үлэтин иһин”, Кыайыы 25 сыла юбилейнай мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Лыткин Варфоломей Александрович 1972 с. олохтон хомолтолоохтук өлөн туораабыта. Билигин кини аймахтара Уһун-Күөлгэ , Бороҕоҥҥо, Дьокуускай куоракка олороллор.
Страница 9 из 11