Оспёхский 1-й наслег

МАТВЕЕВ  ПЕТР  ЕГОРОВИЧ

 UK4

«А5а дойду сэриитин I степеннээх» орденынан,

 «Германияны кыайыы иһин» мэтээлинэн

наҕараадаламмыта

            I Өспөх нэһилиэгэр төрөөбүт. Саха национальнай оскуолатын бүтэрбитэ.1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллыбыт. Чита, Красноярскай, Новосибирскай куораттарга отделение, взвод командирынан сулууспалаабыт. Волга таһыгар өстөөҕү уруусхаллыыр кыргыһыыга кыттыбыт. Калининскай фронт 41-с армиятыгар сибээс офицерынан ананан сэриилэһэр. Калининскай фронт кэнниттэн III-с Украинскай фроҥҥа взвод командирынан сылдьан, Ржев, Вязьма, Днепродзержинскай, Кривой Рог, Одесса, Тирасполь куораттары босхолоспут. 1944с. араанньы буолан дойдутугар  төннөн кэлэр.  Тарская Екатерина Николаевнаны кэргэн ылан биир уол уонна биир кыыс оҕолоноллор.

          Билигин кини олоҕун 4 кыыһа, биир уола, 7 сиэнэ салҕыллар.  1949 сыллаахха  Бүөтүр баастара бэргээннэр Дьокуускайга эмкэ киирэр, ону батыһан дьонноро куоракка көһөн киирэллэр.  Петр Егорович эмтэнэ-эмтэнэ радиокомитекка редакторынан үлэлии олорон 1951с. ыам ыйын 16 күнүгэр  өлбүт

           Билигин кини оло5ун 4 кыыһа, биир уола, 7 сиэнэ салгыыллар.

БОЧКАРЕВТАР

              Захар, Прасковья Бочкаревтар Остуойка Улахан Арыылаа5ын Томторугар олорбуттара. Аҕалара сэрии иннинэ өлбүтэ. Ийэлэрэ 3 төрөппүт уолун, 2 бииргэ төрөөбүт быраатын фроҥҥа атаарбыта. 2 уола, 1 быраата эргиллибэтэхтэрэ.

              БҮӨТҮР - (1910-1971сс.) Старай Русса куораты босхолуурга кыргыһыыттан са5алаан 1943с диэри сэриилэспитэ. Смоленскай уобалаһы босхолоһо сылдьан бааһырбыта. Кэлин Мурманскай уобаласка байыаннай ыскылааттар охраналарыгар сулууспалаабыта.

              АФАНАСИЙ – (1915-194сс.) Младшай лейтенант. Взвод хамандыыра. 1943 с. ахсынньы 23 к. Житомирскай уобалас Гута  Забелецкая дэриэбинэ5э көмүллүбүтэ.

              ДМИТРИЙ – (1915-1943сс.) Якутскайга тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ сылдьан 1942с армия5а ыҥырыллыбыта. Кылгас болдьохтоох байыаннай үөрэх кэнниттэн сержант званиелаах фроҥҥа тиийбитэ. Сэриигэ бааһыран, онтон үтүөрэн «инники кирбиигэ фроҥҥа бардым»- диэн суругун кэнниттэн өлбүтүн туһунан биллэрии кэлбитэ. Комсомолец.

БОЧКАРЕВ ИЛЬЯ СЕРГЕЕВИЧ

(1913-1993)

UK3 

"Албан Аат II, III степеннээх", "Кыһыл Сулус",

 "Аҕа дойду сэриитин I степеннээх" орденнарынан,

 "Хорсунун иһин", "Берлини ылыы иһин" мэтээллэринэн,

"Туйгун минометчик" знагынан наҕараадаламмыта.

И.С. Бочкарев 1913 с. Дүпсүн улууһугар 1 Өспөх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 30-с сыллардаа5ы   комсомолец. «Үүнүү» колхоз ударнига.

Кини 1941 с. армияҕа ыҥырыллыбыта. Кини бойобуой суолун Москва анныттан саҕалаан Берлиҥҥэ түмүктээбитэ. Туйгун минометчик биир кыргыһыыга өстөөх 4 пулеметун, 120 саллаатын уонна офицерын суох гыммыта.

             

АЛЕКСАНДРОВ ЕГОР ИВАНОВИЧ (1916-11942сс)

UK2

1916 с. 1 Өспөх нэһилиэгэр төрөөбүт.

1941 с. Чурапчы райвоенкоматынан сэриигэ ыҥырыллыбыт.

Тверскэй уобалас Ржевскай оройуонун Бахмутова дэриэбинэҕэ көмүллүбүт.

 

Петрова Мария Васильевна 1944 сыллаахха тохсунньу 23 күнүгэр Бээрийэ нэһилиэгэр Петров Василий петрович уонна Петрова Елена Петровна дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтүм. Ыалдьар буолан кыайан үөрэммэккэ 8 кылааһынан бүппүтүм

1965 сыллаахха Лыткин Михаил Михайловичка кэргэн тахсан үс оҕоломмуттара, түөрт оҕону ииппиттэрэ. Бороҕоҥҥо олорбут сылларбар Гострахха экономиһынан , сельхозка кассирынан, ПМК-ҕа охраннигынан үлэлээбитим.Аҕыс сиэннээхпин, хос сиэннээхпин Үлэлээбит сирдэрбиттэн грамоталардаахпын. 2000 сылга «Үлэ бэтэрээнэ»буолбутум.

%MCEPASTEBIN%

Мин эдьиийим Кэтириис I-Өспөх нэһилиэгэр Уһун – Күөлгэ “Маҕанныыр” алааска 1917 сыллаахха холкуостаах дьиэ кэргэннэ төрөөбүтэ. Аҕата Копырин Михаил Семенович ийэтэ Акулина Николаевна диэн этилэр. Бииргэ төрөөбүт үһүөлэр ийэлээх аҕалара Екатерина 16 - ҕар быраата Өлөксей 8- с кыра Дьөгүөр олох кыратыгар утуу-субуу өлөннөр тулаайах хаалаллар. Кыра быраатын Дьөгүөрү кыайан көрүөм суоҕа диэн оҕото суох Өлөксөөндөрөҕө ииттэрэ биэрбит. Эдьиийим кэпсээниттэн өйдөөн хаалбыппын . Олох ыараханнарын эттэринэн хааннарынан билэн улааппыттар. Дьоммутуттан син сүөһүлээх хаалбыппыт. Ону олох өйдөөбөппүн хайдах дьаһаммыппын. Холкуоска араас үлэҕэ үлэлиир этим. Комсомолга киирэн баран наһаа актыыбынай этим. Сут кэмигэр хайдах аччыктаан өлбөтөхпүт эбитэ буоллар. “ Наар бырааппын Өлөксөйү дьонун суохтахпакка, аччыктаппакка олорбут киһи дии саныырым”.   Эдьиийбит 1939 с Лыткин Гаврил Иосифович диэн I - Өспөххө төрөөбүт киһилиин ыал буолаллар. Гаврил Иосифович 1942 сыл бэс ыйын 28 күнүгэр Чурапчы райвоенкоматынан ыҥырыллан сэриигэ барар. Уонна 1943 сыллаахха атырдьах ыйын 4 күнүгэр сэриигэ Белгород кытыытыгар Октярьскай оройуоҥҥа өлбүт. Кыыстара Акулина Гарильевна олох кыра сааһыттан Уһун – Күөлгэ оҕус сиэтиититтэн саҕалаан холкуоска кэлин сопкуоска бороон көрүүтүгэр, ыанньыксытынан үлэлиир. Үлэлээбит сылларыгар оройуон депутата « Саха АССР Верховнай сэбиэтин хайҕал лииһэ “ СК ЫБЛКСМ ”значогунан “ В.И. Ленин ”мэтээлинэн наҕараадаламмыта.Эдьиийбит Кэтириис кыыһынаан Акулиналыын кэргэнэ сэриигэ баран өлөн, эмиэ тулаайах хааланнар быраатын бэйэтэ көрөн –истэн улаатыннаран, ыал оҥорон , Өлөксөй 9 оҕотун оҕолоһон, атахтарыгар туран ыал буоларбытыгар күүстээх өйөбүл, тирэх буолбута . Биһигини сиэттэрин курдук көрсөн, бииргэ суулаһан олорон, бэйэтэ биир сиэннэнэн, онон дьоллонон 1981 сыллаахха бу олохтон барбыта. Дьиҥэ билигин кэлэн санаатахха, тулаайах хаалан эрэйи билэн сэрии сылларыгар ыарахан аас – туор олоҕу , аччыктааһыны тулуйан, сэриигэ кэргэнин сүтэрбит ыар аһыытын уйан, чахчы да кытаанах санаалаах эбит биһиги эдьиийбит Кэтириис.  Киэҥ тутта кэпсиибит маннык дьоһун – мааны эдьиийдээхпитинэн бииргэ төрөөбүт быраатын Өлөксөй оҕолоро.

     Ахтыыны суруйда балтыта I - Өспөх нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Үлэ бэтэрээнэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна Васильева Анна Алексеевна.     21 / 02. 2020 с.