Оспёхский 1-й наслег
Александров Федор Иванович (1925-1993)
Александров Федор Иванович 1925 сыллаахха I Өспех нэһилиэгэр Эрбэһиҥҥэ төрөөбүтэ. 1933 с. Чараҥай 7-тэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирэр. Түөрт кылааһы бүтэрэн баран колхозка араас үлэҕэ сылдьыбыта.
1943 сыллаахха Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. 1943-1947 сс. Илин Монголияҕа 355-с байыаннай ыскылаакка, артиллерийскай poтаҕa сулууспалаабыта. Онтон салгыы Кыһыл Знамялаах 330-с жиганскай полкаҕа, 55-с отдельнай, 82-с минометнай poтаҕa сулууспалаабыт. Итинтэн салгыы Советскай Союзка кэлэн, Челябинскай куорат таһыгар 1055-с минометнай полкаҕа 160 мм. миномекка иккис наводчигынан 1948 сылга диэри сылдьыбыт, бу сыл дойдутугар эргиллэн кэлбит. Японияны утары сэриигэ бойобуой үтүөлэрин иһин, Кыайыы 20 уонна 30 сылларынан, Aҕa дойду сэриитигэр үтүөлэрин иһин мэтээллэрдээх.
Сэрииттэн кэлээт да дойду oлoҕyн чөлүгэр түһэриигэ күүскэ үлэлээбитэ. Александрова Елена Михайловналыын ыал буолан 7 оҕону төрөтен улаатыннарбыттара. 1953-54 сс. Дьокуускай куоракка биир сыл трактористар курстарын бутэрбитэ. Онтон ыла трактор уруулун илиитигэр бигэтик тутан, элбэх сыл саҥа тутууларга мас таһыытыгар, сайыныл от, куһун-саас ыһыы үлэтигэр сылдьыбыта. Уһун-Күөлгэ 1947 сыллаахха көһөн кэлбитэ, пенсияҕа тахсыар диэри колхоз, совхоз араас үлэтигэр сылдьыбыта, пенсияҕa тахсан да баран, хас да сыл баанньык кочегарынан кыһыны быһа соҕотоҕун улэлээбитэ. Федот Иванович 1993 сыл тохсунньу ыйга уһуннук ыалдьан олохтон туораабыта. Билигин кини oлoҕyн 5 oҕото, 14 сиэннэрэ салгыыллар.

1921 с. I Өспех нэһилиэгэр Уһун-Күөл Хайыыкка алааһыгар төрөөбүгэ. 1931 с. 1-гы кылааһы бүтэрэр. 1932 с. Бөрөлөөххө аһыллыбыт оскуолаҕа 2-3-с кылаастары бүтэрэр. 1934 с. Дүпсүҥҥэ 4-7-с кылааһы бүтэрэр. 1939 с. -1940 сылларга колхозка ревизкомҥа, ликбезкэ учууталынан, комсомольскай тэрилтэ секретарынан үлэлээбитэ. 1940-1941 сс. Якутскай куоракка педрабфакка үөрэнэр. 1941 с. ЯОГВК ыҥырыытынан бэбиэскэ тутан сэриигэ барбыт. Сталино дэриэбинэҕэ ый устата үөрэнэн баран сэриигэ киирбит. Москва таһыгар Ильино дэриэбинэҕэ резервэҕэ турбуттар. Онно Г.К. Жуков кэлэ сылдьыбыт, Серпухов таһыгар оборонаҕа сыппыттар. 1941 с. Мелевка дэриэбинэни босхолоойутг- тга кыргыспыт. 1942 с. Воронеж туһаайыытыгар Дон өрүс уҥуор сытан ыалдьан госпитальга сыппыт. 1946 с. сэрииттэн кэлбит. Сэрииттэн Aҕa дойду сэриитин II степенэ орденнаах, «Хорсунун иһин», «Москваны көмүскээһин иһин», «Германияны кыайыы иһин» мэтээллэрдээх эргиллибитэ. Эйэлээх олоххо Кыайыы 20, 30, 40, 50 сылларынан, ССРС Сэбилэниилээх күүстэрин 50, 60, 70 сылларынан, «В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сыла туолуутун бэлиэтээн. Килбиэннээх улэтин иһин» уонна Жуков мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Лөгөй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕун аатын ылбыта.
Дойдутугар эргиллэн кэлэн Михаил Прокопьевич Уһун- Күөлгэ колхоз, совет председателинэн, партийнай тэрилтэ секретарынан, отделение управляющайынан үтүө суобастаахтык улэлээбитэ.
- - 1947 сс. Бороҕоҥҥо ОСаАК председателэ, райкомол бюротун чилиэнэ.
- - 1949 сс. I Өспөххө ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн, комсомол тэрилтэтин секретарынан улэлээбит.
1949-1951 сс. «Кыйыл сардаҥа» колхоз председателэ.
1952.с. Уполминзаг агена.
1952-1955 сс. Якутскайга салайар кадрдары бэлэмниир оскуолаҕа үөрэнэн младшай агроном идэтин ылбыта.
1955-1959 сс. Өнөрго партком секретара.
1959-1960 сс. Уһун-Күөлгэ биригэдьиир.
1961-1962 сс. Партизан Заболоцкай аатынан совхоз солбуйар председателэ, партком секретаря.
1963-1964 сс. Кэптэнигэ биригэдьиир
- с. Уһун-Күөлгэ биригэдьиир.
- с. Өспех кулуубун сэбиэдиссэйэ, оскуолаҕа үлэ уруогун учуутала.
- с. Тулунаҕа биригэдьиир.
- 1969 сс. Лөгөй нэһилиэгин сельсоветын председателэ, республикаҕа ленинскэй юбилейнай куоталаһыыга 1-кы миэстэни ылан, нэһилиэк 15000 солкуобайынан бириэмийэлэммитэ. Совмин көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамятын ылбыта.
- 1972 сс. Партизан Заболоцкай аатынан совхозка ст. биригэдьиир ( Биэттэ, Кэптэни, Хомустаах, Даалы, Тулуна, Уһун-Күөл биригээдэлэрин холбуу).
1972-1976 сс. сельпо председателэ, торговай предприятиеҕа директор.
1976-1979 сс. Баатаҕайга управляющай.
1979 с. агроном - мелиоратор
1980-1981 сс. «Сельхозхимияҕа» кыладыапсык.
- с. Уһун-Күөлгэ үрдүк үүнүү звенотун салайааччы.
1984-1986 сс. эргиэн предприятиетын приемщига, заготовителэ.
Михаил Прокопьевич сэрииттэн кэлэн баран Румянцева Варвара Петровналыын ыал буолан үс кыыс оҕоломмуттара. Варвара Петровна пенсияҕа тахсыар диэри учууталынан үлэлээбитэ. Билигин пенсияҕа олорор. Михаил Прокопьевич 1999 сыл олунньу 23 күнүгэр уһуннук ыалдьан өлбүтэ. Кини олоҕун билигин үс кыыһа, сиэннэрэ салгыыллар. I Өспех нэһилиэгэр Уһун-Күөлгэ М.П. Гуляев аатынан уулусса баар. Кыргыттара Лөгөй нэһилиэгэр Кэптэнигэ, Тандаҕа, Дьокуускай куоракка олороллор.
Страница 11 из 11